Бүөтүр Хара
Көҥдөй күөмэйбин көбүөхтэтэн
Көрүлүү этэр тылым
Көстөр күөх халлаан
Көлбөҕүрбүт өҥүн
Көмүс күнүм күөрэйэн
Күлүмүр дьэҥкэ күөнүнэн
Күлүмнэтэ сууйан
Күөнтээн эрэрин курдук
Күндү даа эбит.
Айыллыбыт аҕа тылым
Айгырастаах албаһын алкынан
Араҕас дьэҥкэ халлааҥҥа
Арылыччы туойан тахсан
Аан Дайды арҕаһын
Алҕаан амалыйан түстэххэ
Аҕыс сибиир эбэ иэнигэр
Алтан чэчик анньара
Алыс даа эбит.
Илгэлээх тыынынан илгийэр,
Илбистээх имэҥинэн туойар,
Ириэрэр, имэрийэр иэйиилээх,
Илбийэн эмтиир эриэккэстээх,
Иччилээхтик иһиллэр
Испэр иҥэрэн сылдьар
Иитиллибит Ийэ тылым
Илиҥҥи саһарҕа кэриэтэ
Истиҥ даа эбит.
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ бэлэмнээбит уус-уран ааҕыыны Телеграмм каналбытыгар истиҥ, сэҥээрин.