Төрөөбүт тыл күнүнэн М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһиттэн СӨ култууратын туйгуна Надежда Варламова — Надикан, уһуйуллааччыта Алина Васильеваны кытта баҕалаахтары хомуһу тардыыга эти-хааны эрчийииттэн саҕалаан, сөпкө тыыныыга, олоҕурбут ньымаҕа уһуйдулар.
Ону тэҥэ муусука кэллиэһиттэн саха былыргы ырыатын тарҕатааччы Элеонора Соколова, уһуйуллааччыта Ульяна Корякина норуот ырыатын толорууну эрчиллииттэн сиэттэрэн, олоҕурбут ньыма арааһын сырдатан, дорҕоону үөскэтииттэн норуот матыыбыгар бөлөх кыттааччыларын үөрэттилэр.