Уолба – уран уус түһүлгэтэ
Олунньу 1 күнүгэр хартыына галереятыгар “Уолба-уран уус түһүлгэтэ” диэн киһи айылҕаттан бэлэхтэппит дьоҕуру көрдөрөр быыстапка арылынна. Бу саалаҕа айылҕаттан көмүс тарбахтаах уран уустар, ойуу тылынан кэпсиир ойууһуттар хаһыат, тэлэбиисэр сирэйин бараабыт уус, удьуор рационализатор, норуот скульптора Михаил Боппосов, маһы ыллатар, хаары хамнатар уус, спортсмен бэрдэ Василий Попов уонна өрөспүүбүлүкэ бастыҥ иитээччитэ, күннээҕи олоҕу кумааҕыга сырдатар, үйэлээҕи быһар-отор Алек Кириллин оҥоһуктара.
Михаил Трофимович Таатта талаҕын эрийэ-мускуйан, сахаҕа уос номох буолбут талах курдара, арчылыыр, араҥаччылыыр биэс харахтаах харысхаллара, айылҕа күүһүн иҥэриммит тэтиҥ мастан оҥоһуктара, ону тэҥэ ноһуомтан оҥорбут 12 сыл устата саҥа дьыл ахсын дьону-сэргэни үөрдүбүт сыл бэлиэлэрин хаартыскалара бааллар. Михаил Трофимович сыралаах-түбүктээх үлэтин сыаналаан туран улуус аҕа баһылыга А.С. Бурцев «Таатта улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туттарда.
Василий Еремеевич аата мастан-муустан скульптуралары оҥоһуу улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга дорҕоонноохтук ааттанар. Кини оҥорбут үлэлэрин дьыл ханнык баҕарар кэмигэр “Таатта” ЫКЛХМ-заповедникка умсугуйа көрүөххэ сөп.
Онтон Алек Алексеевич учуутал, иитээччи быһыытынан идэтин дэгиттэр баһылаабыт, дойду биир биллэр иитээччитэ буолар. Айылҕаттан айар-тутар идэлээх төрөөбүтэ баһыйан, ойуу көмөтүнэн оҕону кэрэҕэ сирдиир иитээччи буолар.
Уолба нэһилиэгин баһылыга А.А. Винокуров Уолба сирэ-уота урут-уруккуттан тимри хаамтарар, маһы ыллатар уустардааҕын бэлиэтээтэ. Таатта нэһилиэгин баһылыга Е.И. Павлов Уолбаҕа управляющайдаан, сэбиэттээн, баһылыктаан ааспытын, быыстапка кыттыылаахтарын кытта тэҥҥэ үлэлээбит сылларын аҕынна. Эҕэрдэ эгэлгэтин Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылин, Уолба нэһилиэгин бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ Д.Т. Васильева, В.И.Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы А.П. Боппосова, чугас аймахтара, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро эттилэр.
Киһи сөҕүмэр талаана, удьуор ситимэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ быстыбакка бара турарыгар, Уолба нэһилиэгин айар куттаах олохтоохторун ситиһиитэ дуорааннаахтык ааттана турдун! Айылҕаттан бэриллибит идэ сөҕүмэр талаанын көрдөрөр түһүлгэни олунньу 14 күнүгэр диэри кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Наталья Григорьева, хартыына галереятын үлэһитэ