Таатта улууһугар 2025 сылга буолаары турар “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнии үлэлэр биир кэрэхсэбиллээх түгэгинэн оонньуу ымыыларын талыы буолла. Ол курдук алтынньы ыйга биллэриллибит куонкурска барыта 16 үлэ кытынна. Манна худуоһунньуктар, дизайнердар, студеннар, оскуола оҕолоро уонна олохтоохтор кыттыыны ыллылар:
- Доргуев Санаайа Петровна-21 саастаах Владивосток куорат Дальневосточнай Федеральнай университет 3 курсун устудьуона;
- Олесов Арылхан Александрович-9 саастаах, А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
- Айсена Попова- 18 саастаах, Колледж креативный индустрий -Айар уустар, Графический дизайнер 2 курсун устудьуона;
- Ларионова Нюргуяна Капитоновна-35 саастаах, МБУ «ЦКиСР» МО «Таттинский наслег» тэрилтэ худуоһунньуга;
- Заболоцкая Алина Алексадровна-19 саастаах, Колледж креативных индустрий -Айар уустар, Графический дизайнер 2 курсун устудьуона;
- Новгородова Уйгулаана Васильевна-17 саастаах, С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуона;
- Тарасова Екатерина Михайловна-29 саастаах, Владивосток куорат Дальневосточнай Федеральнай университет устудьуона;
- Винокурова Лия Алексеевна — 18 саастаах, Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж изо, черчение отделениятын устудьуона;
- Старостина Эльвира Романовна- 37 саастаах, Таатта улууһун Чычымах орто оскуоратын учуутала;
- Мартынов Вячеслав Валерьевич- 32 саастаах, Дьокуускай куорат олохтооҕо, фрилансер;
- Тимофеева Агнесса Валентиновна-17 саастаах, Колледж креативных индустрий -Айар уустар, Графический дизайнер 2 курсун устудьуона;
- Слепцова Мария Степановна-72 саастаах, Таатта улууһун Харбалах бөһүөлэгин олохтооҕо;
- Матвеев Арылхан Анатольевич- Д.А.Петров аатынан Ытык- Күөл орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
- Кыыдаана Игнатьева-3д дизайнер уонна Валентина Сурикова, Дьокуускай куорат худуоһунньуктара, фрилансер;
- Архангельская Динара Артемовна- Колледж креативных индустрий -Айар уустар, Графический дизайнер 2 курсун устудьуона;
- Михайлова Дана Матвеевна- 22 саастаах, Национальный институт дизайна (НИД) 4 курсун устудьуона.
Киирбит үлэлэр ымыылар ис хоһоонноругар чинчийии үлэтин ыыппыттара өтө көстөр. Ол курдук Таатта улууһа геокультурнай уратытын бары чопчу ыйбыттар, ол хас биирдии үлэҕэ чаҕылхайдык көстөр. Ирдэбил быһыытынан, ымыы бэлиэлэр сахалыы сиэринэн майгылара, дьүһүннэрэ-бодолоро, оонньуу кэмигэр сүрүн оруоллара ыйыллыахтаах. Сорох үлэлэргэ ол суох.
Ахсынньы ый 20 күнүгэр, Таатта улууһун баһылыга Айаал Семенович Бурцев кыттыылаах, Таатта улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Руслан Игнатьевич Захаров мунньах бэрэссэдээтэллээх, Тааттыныскай нэһилиэк баһылыга Егор Иннокентьевич Павлов, үөрэх салаатыттан Зинаида Петровна Охлопкова, спорт салаатыттан Айтал Петрович Алексеев , Роспотребнадзор Тааттатааҕы салаатын салайааччыта Елена Алексеевна Тарасова, культураттан Степанова Марианна Вячеславовна бэрэстэбиитэллэрдээх “Манчаары оонньууларын” тэрийэр штаб боротокуолунан, ирдэбиллэри барытын тутуһан, уһаты-туора үлэлэри ырытан, куоластаан, биир санааҕа кэлэн кыайыылааҕынан — 21 саастаах Владивосток куорат Дальневосточнай Федеральнай университет 3 курсун устудьуона Доргуева Санаайа Петровна кыайыыны ситистэ.
Кини үлэлэрэ маннык сэһэннээх арылыннылар: - Талах Бэргэн — булчут, бэйэтин кыанар, сымса,
Таатта талаҕын курдук имигэс, муҥура суох
сэниэлээх уолан. Кыратык ыһыллаҕаһын, мэлдьи
бииргэ сылдьар доҕоро Туллук өйдөтөр, санатар үгэстээх.
Талах Бэргэн дьээбэлээх-хооболоох, доҕотторугар
олус бэриниилээх.
Уол көрүҥэ чөл туруктаах, мэник арбайбыт баттахтаах,
Чээлэй күөх, сахалыы стилизованнай спортивнай
көстүүмнээх. Санныгар сүбэһитэ Туллук олорсо сылдьар - Кэра Кытыл, Таатта эбээ сиэн кыыһа, Доҕотторо
аҥардас Кэрэ диэн ааттыыллар. Нарын — сэмэй
эрээри, туруорбут сыалын чопчу ситиһэр,
сыыдам, мэһэйдэри ойон-сүүрэн холкутук туоруур
быһый атахтаах кыыс.
Көрүҥэ чөл туруктаах, уҺун уу суҺуохтаах, онтуката
этин сиинин эргиччи эргийэн кэлэр, сэттэ халыҥ таастаах
диадемалаах. - Тоттооной оҕусчаан.
Олус сэмэй. Баппат күүһүн билинэн,
толкуйдаан-толкуйдаан баран биирдэ сорунар. Ол эрээри
доҕордуулар мүччүргэннээх сырыыларыгар биир-баар эрэнэр
мэһэйдэри халыйан, туора солуур бөҕөс оҕусчаан.
Модьу көрүҥнээх эрээри интеллигентнай камзол сонноох , мээнэ
киһи кыайбат, эрчиллэр таастаах.
Маннык баай ис хоһоонноох, кыайыыны, сырдыгы- үтүөнү түстүүр Манчаарыбыт оонньууларын ытык ымыыларын, бэһиэлэй бэлиэлэрин сэргии, сэҥээрэ көрсүҥ!
Марианна Степанова
Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин
директорын солбуйааччыта.