Таатталар Былатыан Ойуунускай 130 сылын Дьокуускайга түмүктээтилэр.
Ахсынньы 20 күнүгэр Таатта улууһун народнай коллективтара Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театырыгар кэнсиэрдээтилэр. Кэнсиэр иннинэ биир дойдулаахтарын кытары улууска культура сайдыытын боппуруоһугар санаа атастастылар. Эһиил «Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ» культура үөрэхтээһин кластера тэриллибитэ 10 сылынан Дьокуускайга форум тэрийэри сүбэлэстилэр. Биир дойдулаахтарбыт көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрдилэр.
Сэттэ кыталык кыргыттарыныы сэттэ народнай коллективтарын кэнсиэрэ биир тыынынан ааста. Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра (режиссер ВФБурнашева), «Дружба» оҕо үҥкүү народнай ансаамбыла (салайаачы ВККозлов), «Күн Чөмчүүк» фолькор народнай коллектива (салайааччы СГКолодезникова), «Кылыһах» фольклор народнай ансаамбыла (салайааччы ААСабарайкина), П.В.Толстяков аатынан Чөркөөх народнай театра (режиссер МПЯковлева), «Алаас оһуордара» үҥкүү народнай ансаамбыла (АКЗахарова), МВМаксимова аатынан Уус Тааттатааҕы народнай хор (концертмейстер М Неустроева) кытыннылар. Кэнсиэри Жанна Бурмистрова, Илья Павлов олус үчүгэйдик ыыттылар. Саха Республикатын культураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ АИ Ноев, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта ГГВырдылин эҕэрдэ тыл эттилэр. Аҥардас народнай коллективтарынан бастакы тэрээһин буоларын бэлиэтээтилэр. Бары кыттыбыт, өйөөбүт дьоммутугар — Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театырын салайааччытыгар ПТМакаровка, Уус Таатта баһылыгар ЕНПостниковка, Кыйы баһылыгар ППТурниҥҥа, Чөркөөх баһылыгар АПСеменовка, Дэбдиргэ баһылыгар ЕАМарковка, үөрэх управлениятын салайааччытыгар ВВКривошапкиҥҥа, Ытык Күөл 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын дириэктэригэр ДВСергеевка, үп харчы управлениятын салайааччытыгар РИАргуновка, Чөркөөх оскуолатын дириэктэригэр ЕВЛебедевка, эйэҕэс сыһыаннаах, сыыдам сырыылаах суоппардарбытыгар, араас эйгэҕэ таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар народнай коллективтар кыттааччыларыгар, салайааччыларыгар махтанабыт. Бу курдук таптыыр Тааттабыт улууһун төрөөбүт күнүн көрсө ураты тэрээһиммит көрөөччүлэригэр махтанабыт. Норуот коллективтарын салайааччыларыгар баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, айар үлэҕитигэр ситиһиини.
Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин пресс киинэ