Перейти к содержанию

Олоҥхоһут Мария Николаевна Андросова-Ионова саха театральнай искусствотын үөскээһинигэр оруола.

Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар саха театральнай искусствота үөскээһинэ олоҥхонон саҕаламмыта саарбаҕа суох. Ол курдук сахалыы тылынан бастакынан 1906 сыллаахха тохсунньу 3 күнүгэр спектакль буолан бирикээсчиттэр кулууптарыгар көрдөрүллүбүт айымньынан «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» диэн үс көстүүлээх постановка буолар.  Бу айымньы норуокка «Наара Суох» диэн аатынан биллибит П.А. Охлопков олоҥхотун сүнньүнэн оҥоһуллубут.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар кыраайы үөрэтээччи, этнограф, Ем.Ярославскай аатынан музей директорынан үлэлээбит Иван Дмитриевич Новгородов фондатыгар харалла сытар нууччалыы тылынан илиинэн толоруллубут докумуонунан көрдөххө маннык: 1905 сыллаахха Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр саха омук сайдыытын обществотын тэрийбит. Бу общество көҕүлээһининэн бастакы сахалыы спектакль турбут. Программаҕа сурулларынан спектакль режиссердарынан олоҥхоһут, Таатта улууһун олохтооҕо,  саха үөрэхтээх дьахталларыттан биирдэстэрэ,   политическай сыылынай В.М. Ионов кэргэнэ Мария Николаевна Андросова, Таатта улууһун олохтооҕо Иван Петрович Чириков уонна Таатта улууһун биллэр баайа, меценат Вонифатий Слепцов уола Петр Вонифатьевич Слепцов эбиттэр[1]. Постановка тэрийээччитэ В.В.Никифоров-Күлүмнүүр. Спектакль үс көстүүлээх, оруоллара аттарыллыбыттар. Күнэ-дьыла тохсунньу 3 күнэ 1906 сыл. Оруолларга: Саха төрдө Сабыйа баай – Н.Захаров, Айыы Сабаҕай эмээхсин – Мария Николаевна Ионова, Айтылын Куо- Я.Ш., Бэрт киһи бэриэт Бэргэн А.Говоров, Үс күлүктээх Тимир Лыыбырдаан- Я.Павлов, Сорук Боллур-NN, Кыкылааны ойуун толорбуттар.

Спектакль олус ситиһиилээхтик барбыт. Саалаҕа ыы – быччары мустубут дьон сценаҕа оонньонор ыһыах бырааһыынньыгар сылдьар курдук санаммыттар, олус диэн үөрбүттэр. Кырдьыга даҕаны, бу күн саха культурнай олоҕор бырааһынньыкка тэҥнээх күн этэ[2]. Бу олоҥхо спектакль ис хоһоонун Э.К.Пекарскай «Подробное содержание якутского спектакля Олонхо» диэн ааттаан «Живая старина» сурунаал 1906 сыл 4 выпуһугар сиһилии суруйбут. Бу суруйуутугар: «Поют о том, как после суровой зимы наступает привольное лето, как природа после своей спячки оживает, как деревья и цветы начинают распускаться и цвести, как после после темной ночи наступает ясный день, пробуждая всех живущих в мире, как слабый и беззащитный ребенок превращается в сильного и здорового человека, как человек из отдельных дерев строит себе жилище, как он, путем упорного труда, достигает своего счастья, как путем борьбы возможно освободиться от цепей рабства и достигнуть свободы и воли, как добро должно восторжествовать над злом и воли, как добро должно восторжествовать над злом и как, наконец, люди должны добиться своего счастья» диэнинэн түмүктүүр[3].

 Бу сахалыы бастакы спектакль сценаҕа туруутугар режиссер, артыыс быһыытынан ахтыллыбыт Мария Николаевна Андросова 1964 сыллаахха Таатта улууһун II Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Тулаайах кыыс эһэтигэр Петров Николай Петровичка – Күүгэс Ньукулайга иитиллибит. Эһэтэ бастыҥ тойуксут, олоҥхоһут, бастакы Оруоһун Дарыбыаҥҥа сылгыһыттаабыт. Кэлин Охонооһой Бөтүрүөп даэн баайга таһаҕас таһааччынан үлэлээн Халыманан, Охотскайынан, Дьокуускайынан айаҥҥа сылдьыбыт. Кини олоҥхоҕо Көстөкүүн Оруоһун диэн баай, үөрэхтээх киһини үөрэппит. Бу киһи «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону сурукка суруйан Пекарскайынан таһаартарбыта үһү. Күүгэс Ньукулай хонор, сылдьар сиригэр олоҥхолуура. Онон Мария удьуор олоҥхоһут. 16 сааһыгар кэргэн тахсар, оҕолонор. Кэргэнэ өлбүтүн кэннэ уолунаан бэйэлэрэ олороллор, отун, сүөһүтүн, маһын барыта бэйэтэ көрүнэр. В.М.Ионовка уолун кытта үөрэнэр. Ааҕар, суруйар буолан баран 1893 сыллаахха икки олоҥхону Э.К.Пекарскайга суруйан биэрэр: «Күлкүл бөҕө – Силлирикээн эмээхсин икки»,  «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон» уонна «Орто дойдуну тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ баай Барыылаах» олоҥхо салҕыыта диэни биэрэр. Балартан «Күлкүл бөҕө – Силлирикээн эмээхсин икки» диэни аатырбыт этнограф Г.В.Ксенофонтов поэманан сыаналаабыт, уонна суруллубут кэминэн сахаҕа бастакы уус-уран айымньы буоларынан Мария Николаевна бастакы поэтынан билиниллиэхтээх диэбит. М.Н.Андросова үлэтин-айымньыларын, олоҕун чинчийиитин филологическай наука доктора, профессор Е.И.Коркина этэринэн бу олоҥхо «автобиографическай, автор бэйэтин олоҕун көрдөрөр уонна нуучча политсыылынайдара саха бухатыырдарын курдук хараҥа батталлаах олоҕу утары охсуһалларын, кырдьыгы олохтуулларын көрдөрөр», — диэбит[4].

Мария Николаевна саха театральнай искусствота бастакы хардыыларын оҥоруутугар айылҕаттан айдарыылаах олоҥхоһут буолан уонна артыыс быһыытынан тус кылаатын киллэрсибитэ. Ол курдук, үөһэ этиллибит «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» диэн үс көстүүлээх олоҥхоҕо М.Н.Андросова Айыы Сабаҕай эмээхсин оруолун толорбут. Ону таһынан «Кулун кугас аттаах Кулантай бухатыыр» диэн олоҥхо турбутугар сүрүн оруолу Үрүҥ Үкэйдээн, онтон 1908 с. турбут В.В. Никифоров «Манчаары түөкүн» айымньытыгар Манчаары ийэтин уонна Бэрт Маарыйа оруолларын оонньообута.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Мария Николаевна аатын үйэтитиигэ араас хайысхалаах үлэлэр бара тураллар. Ол курдук Мария Николаевна Иитимээйигэ олорбут нуучча дьиэтэ Чөркөөхтөөҕү саха сирин политсыылкатын музейыгар көһөн кэлэн турар. Сыллата үгүс киһи сылдьан Мария Николаевна айар үлэтин, олоҕун туһунан билсэллэр. Уолбаҕа олорбут сирдэригэр өйдөбүнньүк мэҥэ таастар бааллар. Таатта улууһун Ытык-Күөл сэлиэнньэтигэр тиһигин быспакка «Школа Ионовой» диэн кэрэ аҥардарга аналлаах проект үлэлиир.  

Онон, Мария Николаевна Андросова бэйэтэ удьуор олоҥхоһут, саха бастакы үөрэхтээх дьахталларыттан биирдэстэрэ буолан туран саха норуота саҥа олоххо үктэниитигэр, үөрэҕириитигэр, культурата, театра  сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит киһинэн буолар.     

С.В.Аввакумова

Чөркөөхтөөҕү “Саха сиринээҕи политсыылка» музейын специалиһа

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА

  1.   Будикин, Е.Д.  Улуу үлэһит, күндү ийэ Мария Николаевна Андросова-Ионова//Ионова Мария Николаевна. – Дьокуускай. – 2017. – С.7
  2.  Ежегодник Саха театра. – Якутск. – 2012. – С 46
  3.  Коркина, Е.И. М.Н.Андросова. Олоҥхолор, ырыалар, этнографическай бэлиэтээһиннэр, ыстатыйалар. – Дьокуускай.- 1998.
  4. Тюнгюрядов, З.Т. Саха театральнай искусствотын үөскээһинэ.// Хотугу сулус. – 1971. — №1. – С.85
  5.  Пекарский, Э.К. Подробное содержание якутского спектакля «Олонхо»// Живая старина. Периодическое издание отделения этнографии императорского русского географического общества. Выпуск IV.  – С-Петербург. – 1906. – С. 204.
  6. Чөркөөхтөөҕү саха сирин политсыылкатын музейын фондата.

Сахалыы бастакы спектакль. 1 эрээт (хаҥастан уҥа) И.Ф.Афанасьев, Н.У.Егоров; 2 эрээт иккис В.В.Никифоров, үһүс М.Н.Андросова, төрдүс И.Г.Васильев, бэһис М.К.Егорова, алтыс М.Е.Федорова. XX үйэ саҕаланыыта. Чөркөөх музейын фондатыттан Л.Н.Григорьева коллекцията.


[1] Ежегодник Саха театра. – Якутск. – 2012. – С 46

[2] Тюнгюрядов, З.Т. Саха театральнай искусствотын үөскээһинэ.// Хотугу сулус. – 1971. — №1. – С.85

[3]Пекарский, Э.К. Подробное содержание якутского спектакля «Олонхо»// Живая старина. Периодическое издание отделения этнографии императорского русского географического общества. Выпуск IV.  – С-Петербург. – 1906. – С. 204.

[4] Будикин, Е.Д.  Улуу үлэһит, күндү ийэ Мария Николаевна Андросова-Ионова//Ионова Мария Николаевна. – Дьокуускай. – 2017. – С.7

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *