Перейти к содержанию

ЭПОС И НАРОДНОЕ ТВОРЧЕСТВО

Константин Григорьевич Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото, Саха норуотугар үйэлэргэ сүппэт сүдү айымньы суруллуутугар олук ууруллуута.

Ефимова Варвара Константиновна – 

                                                                                       Игидэй орто оскуолатын саха тылын,  

                                                                                       литературатын үрдүкү категориялаах

                                                                                       учуутала.

                                                         Иһинээҕитэ

  1. Быйыл , К.Г.Оросин , Э.К.Пекарскай  165 үбүлүөйдээх сыллара.
    1. Игидэй уран тыл түөлбэтэ.
  1. Олоҥхо суруллуутугар дьиэ кэргэн оруола.

2.1.Оруоһуттар ыһыах ыһыылара.

2.2. К.Г.Оруоһун уран тылга, ырыаҕа-тойукка, олоҥхоҕо уһуйуллуута.

     III.      Э.К.Пекарскай уонна К.Г.Оросин доҕордоһуулара.

3.1.«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо суруллуута.

3.2. Олоҥхону толорооччу Егоров Егор Минович- Миинэ уола Дьөгүөссэ.

    IV .    Үйэлэргэ сүппэт үйэтитии.

                4.1.Оруоуттары үйэтитиигэ аналлаах үлэлэр.

    V.      Түмүк.

                                                         Кииириитэ.

 Актуальноһа:  «Дьулуруйар Ньургун  Боотур» олоҥхону аан бастаан сурукка киллэрбит автор, Константин Григорьевич Оросин уонна олоҥхону Егор Минович Егоровы-Миинэ уола Дьөгүөссэни ыллатан суруйарга сорудахтаабыт лингвист,фольклорист, этнограф, академик Эдуард Карлович Пекарскай быйыл төрөөбүттэрэ 165 үбүлүөйдээх сыллара.

Сыала: Константин Григорьевич Оросин суруйбут «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото, олоҥхо аан дойду таһымыгар тахсыытыгар сүдү суолтата.

Соруктара:

  • Илгэлээх Игидэй  нэһилиэгэ олоҥхо суруллуутугар суолтата.
  • Олоҥхо суруллуутугар дьиэ кэргэн суолтата.
  • Э.К.Пекарскай уонна К.Г.Оросин доҕордоһуулара.
  • «Дьулуруйар Ньургун Боотур” аан дойдуга, аар саарга аатырыыта.
  • Үйэлэргэ сүппэт үйэтитии.

Үөрэтиллэр обьект: К.Г.Оросин олоҕо уонна олоҥхо.

Үөрэтиллэр предмет: К.Г.Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун оруола.

Саҥаны арыйыы: Тулалыыр айылҕа, эйгэ, дьиэ-кэргэн, олоҥхоһут олоҕор сабыдыалын, К. Г. Оросин олоҥхото аан дойду таһымыгар Игидэй сирин тылын-өһүн таһаарбытын бигэргэтии.

Сабаҕалааһын: Өскөтө К.Г.Оросин “Дьулуруйар Ньургун Боотур”олоҥхотун тыла-өһө Игидэй сиригэр суруллубут буоллаҕына, олоҥхо аан дойду таһымыгар тахсарыгар бу дойду ураты эйгэлээҕэ дакаастанар.

Туттуллубут ньыма: историческай чахчылары тэҥнээн көрүү, сааһылаан сиһилии ырытыы, дакаастабыл ньымаларын туттуу.

                                                               -1-

   1.1.  Илгэлээх Игидэй уран тыл түөлбэтэ. Таатта- олоҥхо дойдута. Таатта олоҥхоһуттарын үгүстэрин сурукка-бичиккэ киллэрэн үйэтитиигэ академик Эдуард Карлович Пекарскай уһулуччу оруоллаах. Кини көрдөһүүтүнэн уонна сүбэтинэн  Константин Григорьевич Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн саха олоҥхотун бастакы текстин Мария Николаева Ионова- Андросова “Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Аар Тойон ыччаттара” диэн олоҥхо киириитин суруйан биэрбиттэрэ.

         «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону аан бастаан сурукка тиспит дьон туһунан биһирэмнээн кэпсээһин бириэмэ ирдэбилэ буолла.

  Биһиги сахалар, Аан ийэ дойдубут айылгылаах арыы далбарыгар, кэскиллээх- киэҥ киэлитигэр олоҥхобутун сүтэрбэккэ бу билиҥҥэ диэри туспа омук, норуот быһыытынан этэҥҥэ олорон кэллэхпит дии.

    Быйыл биһиги Игидэйбит нэһилиэгэр өрөгөйдөөх дьоро сыл.Ол курдук, этнограф, лингвист, фольклорист, академик Э.К.Пекарскай уонна ырыаһыт, олоҥхоһу Константин Григорьевич Оросин  төрөөбүттэрэ  165 үбүлүөйдээх сыллара.

  Икки улуу киһи биһиги Илгэлээх Игидэйбит нэһилиэгэр олорон ааспыттара. Уран тыл сайдарыгар үлэлээн-хамсаан. Уостан түспэт  үтүө өйдөбүлү хаалаарбыттара.

Э.К.Пекарскай сүҥкэн үлэтин сыаналаан Игидэй орто оскуолата кини аатын сүгэн күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы олорор.

  Константин Григорьевич Оросин 1858 сыл-ха күн сирин көрбүтэ. Кини улуу баай Оруоһуттар сыдьааннара.Оруоһуттар үөрэхтээх уолларынан биллэр. Кини доҕотторо протиерей Д.Д.Попов, көскө олорооччу Э.К.Пекарскай, В.М.Ионов, Н.А.Виташевскай, В.Ф.Трощанскай. Ити дьоннор сабыдыалларынан үөрэхтэммит, фольклору хомуйааччы буолбут. Э.К.Пекарскай бэлэхтээбит тэтэрээтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйбута.

  Константин Оруоһун үөрэҕи бастаан Дмитриан Попов аҕабыыттан ааҕарга-суруйарга үөрэммитэ. Сааһын ситиитэ Баайаҕаттан  «Арыылаах” диэн сиргэ олохтоох Куукума Уйбаан (Иван Гаврильевич Слепцов) диэн түөрт кыыстаах, түөрт уоллаах сэниэ ыал кыра кыыһын Матырыананы кэргэн ылбыта. «Харан Табыга» кыстыктанан, «Араҥаска» сайылыктанан олорбуттара. 1883 сыллаахха Дьэбдьиэ диэн чороҥ соҕотох кыыстаммыттара.Мантан кэлин оҕоломмотохторо.

  2.2. Баай Оруоһуттар хас сайын аайы кэриэтэ  Кулаада Араҥаһыгар хамначчыттарын – чаҕардарын кытары бары бииргэ түмсэн, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук аргыстаах ыһыаҕы ыһар биир үт үө үгэстээхтэр үһү.Кинилэр дьэ бу ыһыахтарыгар олохтоммут үгэс быһыытынан ат бөҕөс, кус быһый дьоннору, ыллам ырыаһыттары, омуннаах-төлөннөөх олоҥхоһуттары онтон-мантан аат ааттаан, анаан-минээн ыҥыраллара үһү. Дьэ онон сир – дойду аайыттан дьон дьоһуннаахтара ырыав-тойук ындыыланан, көр-күлүү көтөллөнөн, сэһэн-сэппэн сэтиилэнэн, олоҥхо-остуоруйа олбохтонон, аҕыс адаардааъх айаны айаннаан, тоҕус тоҕойдоох суолу тобулан, ахсымнык айаннатан, сыыдамнык сиэллэрэн,омуннаахтык ойуолаан, тиэтэллээхтик тэптэрэн, улуу Оруоһуттар ойбон арыылаах уйгулаах үрүҥ тунах ыһыахтарыгар уохтара уҕарыар диэри оонньоон-көрүлээн, ыллаан-туойан, үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн бараллара. Ити курдук элбэх сыллар-хонуктар утуу-субуу биллибэккэ-көстүбэккэ аастар ааһан испиттэрэ.Ол суола-ииһэ суох хаалбатаҕа, онон ытуһаарыллан тахсыталаан иһэн, уостан-симэлийэн хаалбыттарыгар үксүгэр урукку олорон кэлбит былааспыт буруйдааҕа өйдөнөр суол.

        Көстөкүүн Оруоһун бэйэтин дьиэтигэр – уотугар биллэр ырыаһыттары-олоҥхоһуттары мунньан ырыаны, олоҥхону суруйар үгэстэммиэ. Ол суруйбутун барытын табаарыһыгар, Эдуард Карлович Пекарскайга бэлэхтиирэ. Бэйэтэ эмиэ чаастатык, ыллыыра-олоҥхолуура. Олоҥхолоруттан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» 1947 сыл-ха туспа кинигэ буолан тахсыбыта.

        Көстөкүүн Оруоһун айылҕаттан сытыы-хотуу, тобулла өйүн, киһилии аһаҕас судургу, амарах майгытылааҕын иһин, дьоно-сэргэтэ киһи быһыытынан олус сөбүлүүр, ытыктыыр ытык кырдьаҕастара эбитэ үһү.

       Кини Киргиэлэй Оруоһун улахан уола.Көстөкүүн Оруоһун Харан Табы диэн алааска кыстыктанан, Кулаада  Араҥаһыгар сайылыктанан олорбута. Харан Табыга аар-саарга аатырбыт ньэмиэскэй муннуктаах, сатала суох киэҥ, улалахан,сөҕүмэр кэтит тиит хаптаһыннарынан сабыллыбыт үрдүлээх, холлоҕостоох уонна муосталаах уорук бараан улуу саха балаҕанөын туттарбыта. Бу балаҕан аар саарга аатырбытын иһин олус элбэх киһи өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн көрөн барара үһү. Оннооҕор Милетий диэн Саха сирин аккыырайа еписков анаан-минээн кэлэн көрөн барбыта биллэр. Көстөкүүн Оруоһун 1883 сыллаахха  төрөөбүт Дьэбдьиэ диэн чороҥ соҕотох кыыһын Э.К.Пекарскайга  биэрэн үөрэттэрбитэ.

   Онон, Улуу Оруоһуттар уус-уран тыл, ырыа-тойук, оһуокай, олоҥхо, саха төрүт үгэстэрэ сайдарыгар анаан тэрийбит ыһыахтара аар-саарга аатырбыт  “Дьу3луруйар Ньургун Боотур” олоҥхо аан бастаан сурукка тиһиллэн тахсарыгар төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн тутулуктаах дииллэринии, Илгэлээх Игидэй уран тыл биһигэ буоларыгар Оруоһуттар дьиэ кэргэттэрэ төһүү күүс буолбуттара. Онно сүрүн төрүөтүнэн, 1882 сыллаахха  Боотурускай улуус кулубата, Иван Васильевич Оросин (Уйбаан Оруоһун)   “Бэйэм улууспар, нэһилиэкпэр үчүгэй аҕай суругу-бичиги билэр үөрэхтээх дьонум да, киһим да суох, онон үөрэҕи сырдыгы дойдум дьонугар -сэргэтигэр тарҕатыһар кыахтаах, үөрэх-тээх сыылынайдартан аҕалан кулуҥ, анаан” диэн көрдөһөн Э.К.Пекарскай сөбүлэҥин ылан тиэйэн таһаарбыта буолар.

   Улууканнаах тылдьыт оҥоһуллуутугар баай Оруоһуттар өҥөлөрө-көмөлөрө итинэн эрэ бүппэт. Ол курдук олоҥхоһут сэһэни —  сэппэни элбэҕи билэр Көстөкүүн Оруоһун (1859-1903сс) Э.К.Пекарскай тылдьытын суруйарыгар биллэр көмөнү оҥорбут киһи буолар. Норуот айымньытыгар олоҕуран сүүрбэччэ ырытыыны, элбэх олоҥхону, ол иһигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур олоҥхону» сороҕун ыллаан иһитиннэрэн, сороҕун суруйан биэрбит. Ол аата кини норуот айымньытын бастакынан сурукка киллэрэн норуотугар кэриэс хаалларбыт улахан өҥөлөөх киһинэн буолар.

3.1.  Э.К.Пекарскай уонна Көстөкүүн оруоһун аан бастаан бултуу сылдьан көрсүбүттэрэ. «Биэрэ Манды” диэн сиргэ күөлүгэр Көстөкүүн дурдаланар эбит. Э.К. Пекарскай дьиэтиттэн чугас буолан, ол күөлгэ бултуурга санаммыт. Сидор Тимирдяев диэн киһилиин дурдаҕа тиийбиттэрэ, мончууктар сыталлар эбит, олору ылан Э.К.Пекарскай быраҕаттаан кэбиспит уонна хонордуу оҥостубут. Бу бириэмэҕэ Көстөкүүн Оруоһун атынан көтүтэн кэлбит уонна мончууктарын көрөн кыыһырбыт. «Ким мин мончууктарбын ыста?»-диэбит. Онуоха хамначчыттар судаарыскай кэлбитин, кутталлаах киһитин кэпсээбиттэр. Кэпсээни истэн Көстөкүүн уоҕун намыраппыт, атын сиргэ саҥата суох көспүт. Ол эрээри фольклору иккиэн кэрэхсиир дьон уопсай тылы булсубуттар. Кэлин доҕордуу буолбуттар. Э.К.Пекарскай Көстөкүүн Оруоһуҥҥа Сибиряковскай экспедицияҕа барарыгар суруйбут суруга баар. Ол сурукка, Э.К.Пекарскай бултуур тэрилин, сытар уутун Көстөкүүн Оруоһунтан көрөрүгэр көрдөһөр.

   Көстөкүүн Оруоһун сытыы-хотуу, тобуллаҕас өйдөөх, аһаҕас элэккэй, судургу, амарах майгылаах буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэттэрэрин туһунан Г.Васильев-Туккун, Горбунов Я.Н., Чьямова К.Н. ахтыбыттар. Көстөкүүн Оруоһун кэпсээбит -ипсээбит, элбэх саҥалаах, олус ыраас ис -киирбэх сэбэрэлээх, арыы саһыл хааннаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, хайдах эрэ ыйааһыннары соҕус көрбүт, кэннин диэки кэдэрги соҕус тайбаан хаамар, сыыдамнык туттубут-хаптыбыт, ыраас -чэбэр таҥастаах-саптаах, омос көрдөххө, киһиргэс, дэбдэҥ көрүҥнээх гынан баран, бодоруһан бардахха олус судургу, кыраҕа кыаммакка аһыныгас майгылаах, ончу баттыгаһа суох киһи эбит этэ. Кини баайын быһыытынан обургу эргиэмсик, хаартыһыт кыдьыктааҕа.

  Көстөкүүн Оруоһун 1880 сыллар диэки, Миинэ Уола (Егоров Егор Минович) диэн Дьүлэй улууһугар балай да улаханнык аатыран сураҕыран эрэр эдэр олоҥхоһуту олоҥхолотон, Таатта улууһугар олоҥхолор убайдарынан ааттаммыт, уон икки тус туспа көрүҥнэрдээх  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн олоҥхо биир туспа варианын аан бастакынан сурукка -бичиккэ киллэрэн үйэ саас тухары үтүөтэ-өҥөтө өлбөөдүйбэт сүдү дьыаланы оҥорбута. 1947 сыл-ха Георгий Устинович Эргис кинигэ оҥорон таһаартарбыта.

   1947 сыллаахха Дмитрий Кононович Сивценв -Суорун Омоллоон «Саха фольклора» хомуурунньугар Көстөкүүн Оруоһун  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун бэчээттэппитэ. Олоҥхо кэпсээн форматынан суруллубута.

Көстөкүүн Оруоһун сырдык аата-суола саха кэлиҥҥи ааҕааччы көлүөнэ ааҕааччыларыгар биллэн көстөн өйдөбүнньук хаалбыта.

        Таатта сирин биир биллэр ырыаһыта олоҥхоһута баара-суоҕа ҥҕ сааһыгар сылдьан күн сириттэн сүппүтэ. Бэйэтин кэмигэр киэҥ сирдэргэ тиийэ кэрэхсэммит, ыраах улуустарга тиийэ ытыктаммыт, ыралаах ырыаны ыллаабыт, соргулаах тойугу туойбут, номоххо киирбит сэһэнньит, бөлүһүөк киһинэн Таатта талбалаах толуу таһаатыгар үөскээн-төрөөн ааспыта.

      Э.К.Пекарскай Көстөкүүн Оруоһуҥҥа биэрбит уопсай тэтэрээтэ Санк Петербургдааҕы Наукалар Академияларын архыыбыгар баар.Ол туһунан Н.В.Емельянов суруйан турар. Фондаҕа К.Г.Оруоһун «Сир-халлаан айыллыбыт ырыата» диэн  баар, кини Пекарскайы, Ионовы, Виташевскайы, Трощанскайы кытта билсэрин, доҕордоһорун туһунан матырыйааллар бааллар.

 Э.К.Пекарскайы кытта доҕордоһуута  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону сурукка тиһиигэ олук уурбута.

 3.2. Егоров Егор Минович-Миинэ уола Дьөгүөсэ(1835-1934сс). Кини олорон ааспыт олоҕун кэмэ Көстөкүүн Оруоһуну кытта бииргэ алтыһан ааспыта. Кини Дьүлэй нэһилиэгэр «Таалалаах» уонна  «Көлүйэ сайылык» диэн сирдэргэ олорбута.

    Миинэ уола  Дьөгүөсэ олоҥхолуурун, ыллыырын- туойарын таһынан аһары элбэх былыргы сэһэннэри, номохтору, үһүйээннэри билэрэ. Кырдьан баран олоҥхолуурун тосту бырахпыта. Араас нуучча да, саха да, остуоруйаларын эмиэ олус элбэҕи билэр эбит. Кини остуоруйалара көннөрү тылынан буолбакка, уус-уран тылынан, элбэх эпитеттэри, тэҥнэбиллэри, гиперболалары туттан кэпсэнэллэрэ.

   Былыргы сахалар төрдүлэрин-уустарын, былыргы бухатыырдар, аймах-уус дьон аат-суол, баай-талыы былдьаһан сэриилэһэллэрин тустарынан, бэлэм суруллубуту ааҕар курдук, олус уустаан-ураннаан кэпсиирэ. Чугас эргин нэһилиэктэр хантан туох дьонтон төрүттэнэн үөскээбиттэрин, бэрт ыраахтан төрүттээн-уустаан, былыргылыы сахалыы, араас муода ааттаах-суоллаах дьоннор ааттарынан кэпсиирэ диэн кини инитин уола, фольклорист Семен Ефимович Егоров ахтара. Х-р: маннык ахтыбыта баар.

     «Мин оҕо эрдэхпинэ Бетлинг алфавитынан суруллубут «Ньыгыл Боотур» уонна «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону абаҕабар Дьөгүөсэ оҕонньорго, дьукаах олороммун: «Бу кинигэҕэ олоҥхо суруллан тахсыбыт, ону эйиэхэ ааҕан биэриим, иһит»,-диэн бараммын аахпытынан барбытым. Ону оҕонньорум истимэхтээн баран: «Кэбис, доҕоор, ааҕыма, ити бэйэм олоҥхом, мин итини Көстөкүүн Оруоһуҥҥа олоҥхолоон суруйтарбытым, ону кини Э.К. Пекарскайга биэрбитэ кинигэ буолан сылдьар эбит. Ити кинигэ 72 сирэйдээх буолуо»,- диэбитэ. Ол кинигэ кырдьык 72 сирэйдээх этэ. Кини ити курдук кэпсээн баран олоппоһугар оҥостон олорон, сөҥ соҕус, кылыһахтаах үрдүк куолаһынан, кинигэҕэ суруллубутуттан биири да сыыспакка, көтүппэккэ олоҥхолоон доллоһутан барбыта. Онтон киэптэтэммин мин ааҕарбын тохтотон кэбиспитим.

  Сахаҕа киэҥник биллэр бу дьиҥ -чахчы улууеканнаах олоҥхо төрөөн-ууһаан, сайдан-салаллан, чочуллан-тупсарыллан тахсыбыт сиринэн, дойдунан чахчы Таатта буоларын олохпут уһун сыллаах остуоруйата бэйэтэ арыйан көрдөрдө. Бу олоҥхону Дьүлэйгэ аан бастаан  Улуу Кээмпэс, онтон салгыы Бабыат Макаров айбыттара.

  Дьэ, ити курдук Миинэ уола Дьөгүөсэ  “Ньургун Боотуру” олоҥхолоон бүтэн баран, салгыы бу курдук сэһэргээбитэ: “Мин Пекарскайга итини эрэ олоҥхолооботоҕум, хас да атын олоҥхолору эмиэ олоҥхолоон суруйтарбытым. Ол гынан баран Пекарскай олоҥхобун бастаан саҕалааһыммар дэлби тутуһар, уларытан этитэр этэ”-диэн бэлиэтиир эбит олоҥхоһут. Мантан көрдөххө Э.К.Пекарскай саха тылын толору баһылаабыта. Олоҥхоһуту кытта тылын -өһүн уларыттарыыга тиийэ ымпыктаан-чымпыктаан үлэлэспитэ киһини сөхтөрүөн сөхтхөрөр.

     Аар -саарга аатырбыт, олоҥхолор убайдара «Дьулуруйар Ньургун Боотур»олоҥхо аан бастаан сурукка киирэригэр үс киһи улахан өҥөлөөх. Ол курдук, олоҥхону толорооччу Миинэ уола Дьөгүөссэ. Олоҥхону суруйарга сорудахтааччы, кинигэ оҥорон бэчээттээччи, лингвист, фольклорист, этнограф, академик Э.К.Пекарскай уонна олоҥхону сурукка тиһээччи олоҥхоһут, ырыаһыт, тойуксут, К.Г.Оросин.

4.1.   Саха народнай суруйааччыта Д.К.Сивцев -Суорун Омоллоон «Биһиги Таатта дьоно» сүгэһэрдээх төрүүбүт диэн эппитэ. Ол кырдьык эбит. Таатта улууһа олус историческай улуу дьон төрөөн, олорон ааспыт сирдэрэ. Кинилэр үлэлээн ааспыт кэмнэрин сиргэ буорга тэпсибэккэ, сыыска түһэрбэккэ кэлэр көлүөнэ сырдатан, үйэтитэн иһэрэ  олус наадалаах.

 Төһө да история кэпсииринэн араас хахсаат, тыйыс-тымныы сыһыаннаах кэмнэр кэлэн аасталлар, суруллубут суоруллубат. Үтүө дьыала, үтүө аат үйэлэртэн үйэлэргэ өлбөөдүйбэт,  үйэтитиллэр.

      « Игидэй- ийэ тыл биһигэ» ханнык да кэмҥэ бэйэтин биир дойдулаахтарбыт, прогрессивнай өйдөөх- санаалаах, үөрэҕи-сырдыгы нэһилиэкпитигэр сахпыт, саха фольклора бастакынан сурукка-бичиккэ киирэригэр өҥөлөөхОруоһуттар ааттара иккистээн тиллиитигэр, үйэлэргэ  үйэтитиигэ улахан суолталаах тэрээһин Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр Көстөкүүн Оруоһун 160 сааһыгар ананан ыытыллыбыта. Оруоһуттарга аналлаах тэрээһин киэҥ өрүттээх.

 Бастатан туран, үлэлээн, олорон ааспыт энтузиас учууталбыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, бочуоттаах үлэһит, Анна Павловна Варламовав турмаршрут  “Олоҥхо үөскээбит дойдута” диэн бырайыагынан Улуу Оруоһуттар олорон ааспыт алаастарыгар: Көндүгэ, Бээһэкээҥҥэ, Харан-Табыга, Дьиэрэҥнээххэ, Кулаадаҕа мэҥэ таастары туруоран, үйэлэргэ үйэтитии ыытылынна.

Иккиһинэн, Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатыгар (саҥа аһыллыбыт таас оскуолаҕа) Көстөкүүн Оруоһун 160 сааһынан Раиса Семеновна Маркова салайааччылаах олоҥхоһуттар бөлөхтөрө кэлэн, Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр олоҥхотун тыыннаах толоруутун !-!! кылаас оҕолоругар иһитиннэрдилэр.Оҕолор олоҥхону сэргээтилэр. Улахан кылаас оҕолорун кытта олоҥхо тула маастар-кылаас ыыттылар.

Үсүһүнэн, Оруоһуттар сыдьааннаора Софрон Егорович , Розалия васильевна Оруоһуннар олорор уһаайбаларыгар, баай Дьөгүөр Оруоһун ас астыыр дьиэтэ турар. Бу дьиэҕэ нэһилиэккэ аан бастакы дьиэ кэргэн музейа арылынна. Сылдьыбыт дьон олус биһирээтэ. Музей дьиэҕэ  былыргы Оруоһуттар хаартыскалара, төрүччүлэрэ, туттубут маллара-саллара бааллар.

Төрдүһүнэн, А.Ф.Бояров аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр  “Дьолуо” олоҥхоһуттар бөлөхтөрө сал. Цой Людмила – Көстөкүүн  Оруоһун «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун толордо. Олоҥхо истээччи болҕомтотун тарта. Ыраахтан -чугастан Оруоһуттар аймах муһунна.

Бэсиһинэн, история чахчылара, Е.В.Слепцова- Куорсуннаах «Аан Талҕа» кинигэтин биһирэмэ буолан ааста. Ырытыыга кытта кэллилэр, ыаллыы Баайаҕа нэһилиэгиттэн, Егорова М.Р. салайар  “Көмүлөүк күлүмэ” түмсүү кэлэн кыттыыны ылла.

   Быйыл, Көстөкүүн Оруоһун  уонна Э.К.Пекарскай 165 үбүлүөйдээх сылларын көрсө Таатта улууһугар Александр Николаевич Михайлов ааптардаах  “Улуу Оруо7уттар удьуордара” 2023с дьоһун кинигэ сүрэхтэннэ.

                                                  Түмүк

         Константин Григорьевич Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото сүдү айымньы сурулларыгар олук ууруллуута- диэн теманы үөрэтэн-чинчийэн элбэх литератураны хаһыстым.

       Биир дойдулаахпыт К.Г.Оросин уонна сыылкаҕа кэлэн олорон биһиги нэһилиэкпитигэр тыл, фольклор, этнография сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэбит Э.К.Пекарскай саха норуотун ырыата-тойуга, олоҥхото сайдарыгар,  “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо аан бастаан сурукка тиһиллэн , аар-саарга аатырарыгар, үгүс үйэлэргэ үйэтийэригэр олук уурбут үтүөлээхтэр.

  Кинилэр оҥорбут үтүөлэрэ үс үйэ тухары умнуллубат.

Суруллубут суоруллубат.

                                           Туһаныллыбыт литература:

  1. Андросов Е.Д. «Оруоһуттар» Дь “Бичик”- 2000
  2. Андросов Е.Д. «Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара» Дь- 1993 с.
  3. Бойтунов А.С. «Пекарскай суруктара» Хотугу сулус 1968 с № 5
  4. Михайлов А.Н. «Улуу Оруоһуттар удьуордара» ДЬ «Сайдам» 2023с.
  5. Павлова Х.П. «Көстөкүүн Оруоһун Ньургун Боотура» Таатта 2007 с.
  6. Пахомов Н.И., Лопатин Н.И. «Сырдык санаа кыһата 1917-2007» Дь «Бичик»-2007с.
  7. Чолбон сурунаал 1998 с №12
  8. Чолбон сурунаал 1999 с №1.