Перейти к содержанию

ЭПОС И ТРАДИЦИЯ

Интерпретация текста олоҥхо методом герменевтики

Холбоон суруйда, СӨ Үөрэҕирии туйгуна, олоҥхо толрооччу Раиса Семеновна Маркова,

Таатта, Ытык Күөл

( Использованы материалы из спецкурса “Герменевтика как метод изучения культуры”, автор Г.С.Попова-Санаайа)

Цель: истолкование текста олонхо с целью понимания его смысла.

Материалом для исследования выбрана текст  “Иэхэйиктэнэр нарын – намчы Нисэни, маҥан уучах табалаах Ивдэни бухатыыр”, из книги для детей, автора А.М.Егасовой, “Олоонноон олорон “Ноо” дэһиэҕиҥ…”, вышедшая на печать в 2023 г.

Фото_1

…Главным текстом и хранилищем многовековой культуры саха является олоҥхо. Это не только величайшее творение человеческого ума, но и священный текст, несущий в себе немалую информацию. Что за это информация?

Нет сомнений в том, что это информация – знание наших предков о жизни, об окружающем их мире и космосе. Научившись прочитать между строк и открыв все значения символов олоҥхо, мы, возможно, смогли бы найти ключ к возрождению в качестве этноса и нации наравне с другими. Пользуясь с теорией Х.Г.Гадамера по чтению текста, основываясь на введенных им понятиях  “целого” и “частей” интерпретированы тексты олоҥхо “Иэхэйиктэнэр нарын – намчы Нисэни, маҥан уучах табалаах Ивдэни бухатыыр.  “Целое” в данном случае – это олук – неизменная поэтическая форма олоҥхо. Это целое разбивается на “части” и рассматривается, интерпретируется, при этом не следует забывать, что части являются одним целым в составе текста. Создается так называемый “герменевтический круг”, пройдя который можно расскрыть смысл. При этом интерпретатор многократно совершает “челночный бег” от целого к частям и от частей к целому. И тогда ему раскрывается ранее скрытый смысл текста.

Ниже приведены на якутском языке примеры интерпретаций олук из олоҥхо“Иэхэйиктэнэр нарын – намчы Нисэни, маҥан уучах табалаах Ивдэни бухатыыр”.

Сир ийэ барахсан

Сылаас тыыннанан илгийэн барда.

Томтоҕоркоон туос курдук

Томтойон көһүннэ…

Симэхтээх сири иһит курдук

Тупсан туолан истэ.

Соҕуруу өттүнэн

Дэпсэ ойуутун батыһа көҕөрөн көһүннэ,

Добун хайанан тулааһыннанна.
Арҕаа саҕатынан

Аргыар аргыйыа диэн

Чаппараах кытыытыныы

Иилии көппүт бииллэннэ.

Хоту өттүнэн хаппар айаҕа аһыллан,

Дьэргэлгэн  дьэргэйбит

Чэҥнээх муора  модьоҕолонно.

Илин өттүттэн

Бууктаах сон көхсүттэн

Тахсыбыт курдук

Алыы көмүс сардаҕаланна.

Салгыы бу олуктары сахалыы ырытыллар, тоҕо диэтэххэ тылбааска олук ис хоһооно толору сатаан аһыллыбат. Сахалыы санаан туран ырыттахха, санаабытын маннык тиэрдиэххэ сөп.

Бастакы олук.

Сир ийэ барахсан

Сылаас тыыннанан илгийэн барда.

Томтоҕоркоон туос курдук

Томтойон көһүннэ.

Симэхтээх сири иһит курдук

Тупсан туолан истэ.

Сир ийэ мэлдьи ийэ курдук сылаас – сымнаҕас, иэйиинэн илгийэр. Томтоҕор астаах иһит курдук куруук илгэйиилээх, астаах,  байанай уунардаах. Онтон “туос курдук” диэнэ, сир ийэ төһө да баайдааҕын, күүстээҕин – уохтааҕын иһин, сэрэҕэ суох холус сыһыантан, туос курдук кэбирэх, күлүм гынан хаалыахтааҕын сэрэтэр курдук.

Соҕуруу өттүнэн

Дэпсэ ойуутун батыһа көҕөрөн көһүннэ,

Добун хайанан тулааһыннанна.
“Соҕуруу өттүнэн көҕөрөн көһүннэ…”

Соҕуруу өттүттэн сылаас салгын илгийэн туох барыта көҕөрөр, ситэр – хотор.  Сир дойду, киһи – аймах историятын былаһын тухары, хайанан тулааһыннанан олороро биллэр. “Дэпсэ”, сылгы киэргэлигэр киирэр эрээри киэргэл эрэ туһатын көрдөрбөт. Дэпсэ ат кэлин өттүн тымныыттан харыстыыр. ”Дэпсэ ойуутун…”,  курдук  дьэрэкээн үөл дойдутун кэпсиир.

Арҕаа саҕатынан

Аргыар аргыйыа диэн

Чаппараах кытыытыныы

Иилии көппүт бииллэннэ.

“Арҕаа саҕатынан чаппараах кытыытыныы бииллэннэ…” Чаппараах кытыыланыылара күрүөлэнии – хаһааланыы өйдөбүлүн билэбит. Арҕаа өттүттэн аргыар аргыйбатын диэн харысхаллаах буолуубутун көрдөрөр.

Хоту өттүнэн хаппар айаҕа аһыллан,

Дьэргэлгэн  дьэргэйбит

Чэҥээх муора  модьоҕолонно.

“Хоту өттүнэн хаппар айаҕа аһыллан…” Хоту диэки хайыстахха киэҥ – нэлэмэн бэйэлээх Хотугу муустаах муора арыллан кэлэрин көрөбүт.

Илин өттүттэн

Бууктаах сон көхсүттэн

Тахсыбыт курдук

Алыы көмүс сардаҕаланна.

“Илин өттүттэн”  “көҕүс” күүстээх – уохтаах хойуу былыттардаах, нүөлү түһэрэр этиҥнээх ардаҕы, “алыы көмүс” чаҕылҕаны саныыбыт.

Иккис олук.

Олоҥхоҕо буоларыныы,

Сарсыардааҥы сырдык күн

Сандаара үүнүүтэ

Ырыаһыт чыычаах

Тоҕо эрэ ыллаабата,

Кута-сүрэ тостубуттуу туттан,

Хатыҥ маска

Суку-сакы төҥкөөрүҥнүү олордоҕуна,

Лип аан тиэрэ тардылынна,

Муус чопчу тыаһа

Лыҥкыр-лиҥкир буолла…

“Сарсыарда эрдэ чыычаах тоҕо эрэ ыллаабата, сук-сакы буолла”. Бу туох эрэ куһаҕан буолуутун бэлиэтэ. “Муус чопчур тыаһа, Лиҥкир-лаҥкыр буолла”, ол аата иҺэр ыалдьыт хоту тымныы сиртэн айаннаан иһэрэ, тымныы муус сүрэхтээҕин туһунан этиллэр. Ис хоһооно эрдэттэн билии, сэрэтии буолар.

Үһүс олук.

Уҥуоргу сис хайалар быыстарыгар

Чыыстай хайалар

Хоһуун боотурдара

Буур тайаҕы эккирэтэн,

Сүүһүнэн көһү биэрэс тэбэр

Ивдэни бухатыыр

Уора-көстө сүрэҕин туттарда…

…Халҕан аһыллан баран

Сабылла илигинэ,

Бүүс бүтүннүү

Баһыттан атаҕар дылы

Таба таҥаһын талыытын бүрүммүт

Толуу дьүһүннээх,

Модьу көрүҥнээх,

Сылбырҕай туттуулаах…

Аата кистэнэр тимир ууһун

Кыра уола

Уол оҕо аҕыс кырыылааҕа,

Тоҕус уһуктааҕа

Ивдэни бухатыыр

Киирэн саҥата дуорааннанна…

“Таба тириитэ таҥастаах, модьу, сылбырҕай туттуулаах,Буур тайа5ы эккирэтэр, толуу дьүһүннээх Ивдэни бухатыыр”, хоту дойду олохтооҕо, байанайдаах булчута, чэгиэнэ-чэбдигэ көстөр. “Аата кистэнэр тимир ууһун кыра уола” диэн, ааттаах-суоллаах, элбэх оҕолоох-уруулаах ыал оҕото буолара суруллар. “Уора-көстө сүрэҕин туттарда…”, Ивдэни бухатыыр Орто дойдуга төрөөн ыал буолар дьылҕалааҕа көстөр. Иэхэйиктэнэр нарын-начы Нисэни кыыһы кытта бур-бур буруо таһааран, хоту дойду мааны ыала буолуохтаахтара сэрэйиллэр.

Төрдүс олук.

Отут түүннээх күн охсустулар,

Сырдык халлаан кытарда,

Силлиэ-буурҕа ытылынна,

Куугуначчы сирилээтэ,

Өтөрүнэн киирсибэтэҕин киирсэн,

Сэниэ-сылба баранна,

Маҥан таба биэрбит

Үрүҥ сөлөгөйүттэн ыйыстаат,

Чиккэс гына түстэ.

Илиитин ууммутун

Көмүс түөстээх чыычаах:

“Чип-чип, чиип!” – көтөн иһэн,

Куорсунун быыһыгар кистээн

Тула көтө сырытта.

Ол кэмҥэ ханнык албаһынан

Чычыр Чычырбаан

Сүппүтүн, ырааппытын көрбөккө хаалла.

“Өтөрүнэн киирсибэтэҕин киирсэн, Сэниэ-сылба баранна…” , бухатыыр эдэрин, аан-бастаан хараҥа күүстэри кытта киирсэрин уонна түбэспэтэҕэр түбэспитин көрдөрөр. “Маҥан таба биэрбит, Үрүҥ сөлөгөйүттэн ыйыстаат, Чиккэс гына түстэ”. Бухатыыр бэриниилээх доҕордооҕо көстөр. Табанан сирэйдээн ким доҕордоох, ол дьоллоох диэн өйдөбүлү өйдүөххэ сөп. “Үрүҥ сөлөгөй” оҕо төрүөҕүттэн ийэ үүтүн  иһэн күүс-уох, алгыс ыларын бигэргэтэр. “Көмүс түөстээх чыычаах, Куорсунун быыһыгар кистээн, Тула көтө сырытта”, орто дойду оҕотун Иэйэхситтэрэ эҥэрдэһэ, Айыыһыттара арҥаччылыы сылдьалларын кэпсиир. Хайаан даҕаны тургутууну ааһыахтааҕын бигэргэтэр.

“Ол кэмҥэ ханнык албаһынан, Чычыр Чычырбаан сүппүтүн, ырааппытын көрбөккө хаалла”, абааһы уола аҕыс уон аҕыс ааһар албастааҕын, тоҕус уон тоҕус куотар кубулҕаттааҕын көрөбүт. Эдэр киһи сэрэхтээх кэриҥнээҕин, барыга-бары бэлэм буолуохтааҕын сэрэтэр өйдөбүл.

Бэһис олук.

Күҥҥэ тэҥнээх күөрэгэйдэрин,

Алтан түөстээх далбарайдарын

Күлүнэн аҕаатылар,

Үс күннээх түүн хаппарга сытыаран

Ууллубут арыынан аҕыныахтаатылар,

Өрүс сүүрүгэр оҕустардылар,

Ый суһумугар куустардылар.

Дьэ, сол кэннэ

Үкэр күөх окко

Куоҕалдьыйа хаамтаран,

Хоойго сытар холоонноох доҕоругар

Ивдэни бухатыырга

Илиитин ыыппаттыы туттардылар.

Биһиги омук төрүт култуурабытыгар ыраастаныы, арчыланыы төрүккэттэн баар суол. Киһи ис туругун хамсаппакка ыраастык илдьэ сылдьарыгар көмөлөһөрүн билэбит. Киһи син-биир икки өрүттээх, сырдык да, хараҥа да ыалдьыттаһар. Ол иһин, бэйэҕэ көмөлөһөн бэйэ ис санаатын сырдыгынан байытыттыахтаах. Былыргы силистээх сиэрдэрбит- туомнарбыт эдэр көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэхтээҕин туоһулуур.

Алтыс олук.

Ити кэмҥэ сир-симэх иччилэрэ

Оһуор-бичик тэйдилэр,

Тоҕус толуу сэргэни

Саламанан сиэттиһиннэри тоҕуоруттулар…

Тоҕус үйэ тухары

Кэпсэлгэ сылдьар

Сээркээн сэһэнньиттэр

Түһүлгэҕэ сэһэннэрэ бүппэтэ,

Ырыаһыт ырыата дьиэрэйдэ,

Тойуксут манна кэҕэҥнээтэ,

Үҥкүүһүт тэлээрэ көттө,

Һээдьэ манна

Сэргэхтик этилиннэ,

Олоҥхолоон оҕонньор

Онолуйан бүппэтэ…

Уһун Дьурантай суруксут

Ивдэни бухатыыр,

Иэхэйиктэнэр намчы Нисэни

Олохторун көмүс сэргэҕэ

Курдуу эргиттэ…

 “Ити кэмҥэ сир-симэх иччилэрэ, Оһуор-бичик тэйдилэр, Тоҕус толуу сэргэни, Саламанан сиэттиһиннэри тоҕуоруттулар…” Тоҕус сэргэ улахан түһүлгэҕэ туруоруллара биллэр. Күүстээх алгыстар, сиэрдэр-туомнар тохсус хартыгаска Үрдүк үрүҥ күүстэргэ тиийиэхтээхтэрин мэктиэлииллэр. Саламалар үөһээ Айыылартан үтүө алгыс Сир-ийэ иччилэригэр түһэллэригэр көмөлөһөллөр. Бу билии түгэннэрэ буолар.

“Тоҕус үйэ тухары, Кэпсэлгэ сылдьар, Сээркээн сэһэнньиттэр, Түһүлгэҕэ сэһэннэрэ бүппэтэ”,  Сээркээн сэһэнньиттэр диэн, тоҕус үйэ тухары тургутуулары ааһан, Үрдүк Үрүҥ күүстэр таһымнарын ылбыт Айыы таһымнаах дьоннорунан биллэллэр. Үрүкү билии түгэнэ.

“Ырыаһыт ырыата дьиэрэйдэ, Тойуксут манна кэҕэҥнээтэ, Үҥкүүһүт тэлээрэ көттө, Һээдьэ манна, Сэргэхтик этилиннэ”, икки норуот бэйэтин культууратын бүөбэйдээн сүтэрбэккэ, бииргэ ситимнээн, тэҥҥэ сайдарын көрдөрөр.

“Олоҥхолоон оҕонньор, Онолуйан бүппэтэ…Уһун Дьурантай суруксут, Ивдэни бухатыыр, Иэхэйиктэнэр намчы Нисэни, Олохторун көмүс сэргэҕэ, Курдуу эргиттэ…”, көхсүттэн көнтөстөөх, арҕаһыттан тэһииннээх олоҥхоһут олоҥхото уһунун, түҥ былыргыттан тиһиллэрин көрдөрөр. “Уһун Дьурантай суруксут” олоҥхоҕо кэпсэнэрэ, саха омук суруктааҕын-бичиктээҕин бигэргэтэр. “Олохторун көмүс сэргэҕэ, Курдуу эргиттэ…” , “көмүс” диэн көмүс курдук сиэдэрэй олох саҕаламмытын туоһулуур, “Сэргэҕэ” диэн сэргэ үс дойдуну ситимниирин сэһэнниир. Үс куттаах орто дойду оҕото, үс кирбии курун дьүөрэлээн дьоллоохтук олорорун туоһулуур. “Курдуу эргиттэ” диэн, айылҕа өһүнэн куйаар эрилик эргиирдээх. Ол эргииригэр киирэн курбуулуу эргичийэн, куйаар тэтимигэр эриллэн, бэйэтин сөптүк иитэн-хатарыллан, аҕыс кырыылаах, тоҕус курдаах киһи килбиэнэ буола үүнэрин үөтэр.

ТҮМҮК.

Маннык саха икки, эбээн икки омуктан тардыылаах олоҥхолор фольклор эйгэтигэр элбэҕэ суохтар, онон салгыы дириҥэтэн үөрэтэргэ икки омук фольклорун чинчийэр специалистар көрүүлэрэ ирдэнэр.

Олоҥхо биир уратытынан мифологическай персонажтар бааллара буолар. Араас эгэлгэ дэгэти биэрэр эпитет, параллелизм,гипербола курдук олоҥхоҕо хото туттуллар ньымалар бааллара олоҥхо тылын-өһүн киэргэтэн биэрэллэр. (Н.А.Оросина, филологическай наука  кандидата)

Олоҥхону суруйар дьоҕурдаах дьонтон биирдэстэрэ Акулина Михайловна Егасова – Дьохсоҕон кыыһа, 1953 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕыс оҕоттон улахан оҕо буолар. Идэтинэн агроном-тэрийээччи буолар. Өр сылларга тыа хаһаайыстыбатын эриирдээх үлэтигэр үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, ытыктанар киһи. Элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ.

Дьиэ кэргэн уонна уһуйаан олоҥхонон бииргэ үлэлээһиннэрин тэрийии

Яковлева Прасковия Васильевна-воспитатель,

МБДОУ Черкехский центр развития ребенка детский сад «Аленушка»

МР «Таттинский улус»

Саха норуотун тылынан уус- уран айымньытын үрдүкү чыпчаала, ситиһиитэ – олоҥхо. Олоҥхо аан дойду норуоттарын героическай эпостарын (нууччалар былиналарын, киргизтэр “Манастарын”, калмыктар “Джангардарын”, каркллар “Калевалаларын”, гректэр “Илиадаларын” уонна “Одиссеяларын”) кытта сэргэстэһэ турар айымньы буолар. Кини  саха норуотун историятын, философиятын, итэҕэлин, төрөөбүт айылҕатын үөрэтэргэ суолтата улахан. Маны сэргэ музыкальнай фольклор, литература, поэзия, драматургия өттүнэн олоҥхо – саха норуотун энциклопедията. Олоҥхо  иитэр – үөрэтэр суолтата улаханын, уус- уран таһыма үрдүгүн элбэх чинчийээччилэр, учуонайдар бэйэлэрин үлэлэригэр суруйбуттара  ( Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон, Г.С.Попова- Санаайа, Е.П.Чехордуна, В.В.Илларионов о.д.а)  Саха фольклорун уһуннук чинчийбит, үөрэппит С.В. Ястремскай маннык эппитэ баар : “Здесь в олонхо мы вступаем в очаровательный мир, полный поэзии…поразительно могуче , страстно бывает олонхо”, диэн  олоҥхо күүһүн уонна тылын кэрэтин былыргы гректэр эпостарын кытта тэҥнээн турар.Олоҥхоҕо саха киһитин олоҕо, тутуһар үгэстэрэ, сиэрэ-туома, итэҕэлэ барыта  көстөр.

 Оҕо кыра сааһыттан  олоҥхо сүдү- баай дьүһүйүүтүн,  бэйэтин саха омук  оҕото буоларын, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ билэ, өйдүү  улаатарын  төрөппүттэр, иитээччилэр, үөрэҕи тарҕатааччылар, социум  бары түмсэн, биир санаанан салайтаран  уһуйан-такайан,  сахатын кутун-сүрүн уһугуннаран иитэр эбээһинэспит. Манна туһаайыллар үлэни ыытарга учуонай Е.П.Чехордуна, психология доктора А.П.Оконешникова үлэлригэр тирэҕирэн  олоҥхо педагогикатын  СЭДИП технологияны туһанабыт.  термини быһаарабын:СЭДИП это С – самобытность, Э – этничность,  Д- деятельность, И – интеграция, П- подход. Атыннык эттэххэ саха оҕотун олоҥхонон уһуйан иитиигэ оҕо уһуйаана, дьиэ – кэргэн, оскуола, социум барыта кыттыһан үлэни тэрийиитэ. Бу технология  7 түһүмэххэ араарыллар. Олортон 2 бастакыта оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрин саастарыгар сөп түбэһэринэн   билиҥҥи кэмҥэ маннык тосхоллоох үлэни тэрийэбит:

1 түһүмэх : 0-3 саастаах оҕолор. ”Ийэ , аҕа таптала”. Олоҥхоҕо аҕа оруола — Аар тойон аҕа уобараһа, ийэ  оруола — Күн күбэй ийэ уобараһа.Оҕо төрүөҕүттэн дьиэ- кэргэҥҥэ ийэ, аҕа тапталын иҥэринэр. Онон, оҕо бастакы учууталларынан , иитээччилэринэн төрөппүттэрэ буолаллар.

Оҕо уһуйааҥҥа кэлэн дьиэ – кэргэниттэн иҥэриммит сатабылларын салҕыы сайыннарар. Дьиэ- кэргэн тапталыгар үөскээбит оҕо  тулалыыр эйгэтигэр эрэмньилээх  киириитин тэрийии (обществоҕа бастакы киириитигэр адаптацияны ааһарыгар көмөлөһүү: биһик ырыата, өбүгэ оонньуурдарын билиһиннэрии, үөрэтии, олоҥхону остуоруйа быһыытынан билиһиннэрии о.д.а).

2 түһүмэх: 4-6 саастаах оҕолор.”Төрөппүт үөрэҕэ”. Сааһыгар сөп түбэһэр сайдыы үөрэҕин ылынарыгар усулуобуйа оҥоруу.  Сөпкө саҥарар, кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыы, олоҥхо персонажтарын кытта билсиһиитин саҕалыыр, ырыатын- тойугун, хоһоонун хоһуйарга бастакы сатабылларын иҥэринэн барар. Уруһуйга эрчиллэр. Бастакы эти-хааны уһугуннарар хамсаныылары үөрэтэр. Дьиэ – кэргэн үгэһигэр олохтоммут сатабылларын сайыннараллар. Хас биирдии оҕоҕо  туһаайыллар сайдыыларын, дьоҕурдарын учуоттаан анал  программанан үлэни тэрийии. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕоҕо төрдүттэн- ууһуттан бэриллэр дьоҕурун билиһиннэрэн салайан биэрии. Ааҕар, суруйар сатабылын сайыннарыы. Саха олоҥхотун  тылын баайын, уустаан-ураннаан, ойуулаан-дьүһүннээн хоһуйар уратытын оҕолорго тиэрдии умсугутуу.

Олоҥхоҕо үс дойду дойду айыллыытын оҕолорго билиһиннэриигэ олоҥхо тылын чэпчэтэн кэпсээн, ойуулаан  уруһуйдатан, мэһийтэрэн, кумааҕыга кырыттаран, олоҥхо оонньуурдарынан, хамсанан муусукалаан киэргэтэн биэрдэххэ оҕо  кэбэҕэстик ылынар. Олоҥхо  тыла-өһө оҕоҕо уустуктук өйдөнөр,  туох диэн этиллэрин быһааран, өр кэмҥэ системалаах  дьарыгы тэрийиллэр. Олоҥхону толорор оҕо тыла-өһө баай, толкуйдуур дьоҕура сайдар, ырааҕы-киэҥи ыраҥалыыр, сахатын олоҕун, үтүө үгэстэрин, ытык өйдөбүллэрин  иҥэринэн улаатар.

Бу түһүмэххэ ийэ тыл сүмэтин күүскэ иҥэрии наада. Билиҥҥи оҕо 1-2 сааһыттан интернет ситимигэр төлөпүөн нөҥүө түргэнник киирэри сатыыр буолбута , атын омук тылыгар убаныыта кини ойуулаан- дьүһүннээн (образное мышление) дьоҕурун сүтэриитигэр тиэртэ. Төрөөбүт ийэ тылынан сатаан саҥарбат оҕо олоҥхо баай тылын төрүт да өйдөөбөт, ылыммат. Ол иһин билиҥҥи төрөппүт оҕотун кыра сааһыттан тас дьайыыттан харыстаан ийэ тыл сүмэтин биэрэр улахан кыһалҕата буолар. Бу кыһалҕаны (проблема) хайдах туоратар иитии- үөрэтии эйгэтигэр тыҥаан турар ыйытык.

Оҕону истэ үөрэнэргэ, үлэҕэ үөрэтиигэ өбүгэ туттан кэлбит эрээри умнуллан эрэр  ньымалара туһалааҕын билиҥҥи үөрэх бигэргэтэр.

а) оҕо тутан-хабан үөрэниитэ

б)оҕо истэн үөрэниитэ

в) оҕо хараҕынан көрөн үөрэниитэ

г) батыһыннара сылдьан үөрэтии

Учуонай, этнопедагог Г.С.Попова- Санаайа “Киһитийии сэһэнэ” кинигэтигэр, оҕо  үөрэҕи төһө ылынымтыата айылҕаттан бэриллибит уратыта диэн  суруйар:“ Сорох оҕо  ордук тутан-хабан үөрэнэр. Сороҕо эт кулгааҕынан  истэн ордук ылынар. Онтон сороҕо илэ-бааччы көрдөҕүнэ эрэ долоҕойугар тутар.  Маны барытын арааран, оҕо тус уратытын, айдарыытын аһан арыйарга көмө-ньыма буолуллар”- диир.Маныаха олоҥхону олуктарынан үөрэтии, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн наардааһын, билиҥҥи кэм оҕоҕо аналлаах олоҥхолорун үөрэтии төрөппүт уонна иитээччи биир кэлим үлэлэринэн ситиһиллэр.

Онон, өбүгэбит, иитэр-үөрэтэр ньыматынутумун кэспэккэ, ситимин быспакка, аныгы олоххо туһанар оруннаах.  Саха оҕону күннэтэ иитэр ньымалара үс сүһүөххэ араараллар:

1.Батыһыннара сылдьан үтүгүннэрэн, тэҥҥэ оҥотторон, үлэлэтэн үлэлэтии-дьарыгырдыы.

2. Кэпсээн, сэһэргээн, сүбэлээн-амалаан, такайан, норуот тылынан айымньытынан иитии-үөрэтии.

3. Дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ- хамнаска сиэрдээхтик дьаһанан, үгэһи тутуһан айылҕаны кытары дьүөрэлэһэн олоруу – оҕо көрө сылдьарыгарбэйэ үтүө холобура

  Билиҥҥи сайдыылаах  кэмҥэ оҕолорбутугар, дьиэ кэргэнтэн салҕанан   оҕо уһуйааныттан билии ылар оскуолатыттан сахалыы эйгэни күүскэ тэрийэн биэриэхтээхпит. Манна дьиэ кэргэн алаһа дьиэтигэр сахалыы тыыннах эйгэни күүскэ киллэрэн, сахалыы саҥаран, кэпсэтэн, сахалыы аһы-үөлү сахалыы иһиккэ аһаан-сиэн, сахалыы малы-салы, сахалыы таҥнан-симэнэн, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ угуйан ииттэҕинэ ама саха норуота кэнэҕэскилээх, удьуордаах салҕааччылаах буолар.

Төрөппүт уонна иитээччи бииргэ алтыһан үлэлииллэригэр  СЭДИП технология көмөтө туһата көстөн турар. Оҕо оскуолаҕа барыытыгар тус билиилээх, сатабыллаах тиийэр. Күн-дьыл эргиирин билэр, саха ыалын  үлэтин- хамнаһын быһаарсар, айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх, олоҥхо диэн тугун быһаарсар, ийэ тылынан чуолкайдык саҥарар, ыллыыр- туойар, ааҕар- суруйар сатабыллары иҥэриммит буолан оскуолаҕа үөрэнэригэр арыычча бэлэмнээх, сыстаҕас буолар.

Билиҥҥи кэмҥэ оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ норуокка баар педагогическай үөрэҕи (этнопедагогика) көҥүл туһаныы тоҕоостооҕун бэлиэтиибит.

Туһаныллыбыт литература:

1.Волков Г.Н . Этнопедагогическое осмысление процесса современного воспитания (материалы нпк с Оросу РС(Я 1992)

2 Оконешникова А.П. Норуот уйуоҕата- иитэр үлэ тирэҕэ 1996

3. Попова Г Г  Киһитийии сэһэнэ 2006, Төгүрүк сыл түһүлгэтэ 2003

Чехордуна Е.П.  Олоҥхо педагогиката

4 Шамаев Н.К. Эдэр ыччаты эт- хаан сайдыытыгар сахалыы ньыманан иитии.

5 Олоҥхо Олуктара серия  2013 с

Олоҥхоһут М.Н. Андросова-Ионова «Күл Күл Бөҕө уонна Силирикээн эмээхсин икки…» олоҥхотуттан оҕо төрөөһүнүн олугун тылын-өһүн ырытыы

Сивцева Мария Владимировна,

Таатта улууһун Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатын

саха тылын, литературатын учуутала.

Киһи олоҥхону аахтаҕына кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор. Таатта улууһугар олоҥхону сэҥээрээччилэр бу улуу айымньыны араас идэлээх дьон (психолог, врач, учуутал о.д.а) бэйэбитигэр сыһыаран,  санаабытын кэпсэтиспиппит, мин саха тылын учуутала буоларбынан, тылын-өһүн ырыппытым. Холобур, П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр “Айыы Дьураҕастай” олоҥхотугар аска-үөлгэ сыһыаннаах тыллары, Платон Алексеевич Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан оҕо үөскээһинэ уонна төрөөһүнэ олуктан дьиэ-уот, иһит-хомуос, таҥас-сап ааттарын ырытарга холоммутум. Ону тэҥэ, бүгүн кэпсиир тиэмэм — олоҥхоһут М.Н. Андросова-Ионова «Күл Күл Бөҕө уонна Силирикээн эмээхсин икки…» олоҥхотуттан оҕо төрөөһүнүн олугун тылын-өһүн кылгастык ырытыам.

Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ туттуллубакка эргэрбит тыллар олоҥхобутугар элбэҕин бары билэбит, ис хоһоонун өйдүүрбүтүгэр ыарырҕатабыт. Өлүктүйбүт тыллар суолталарын быһаарар Э.К. Пекарскай уонна саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыттарын туһанным.

Эмньик бэйэбин эммэниттиҥ,

Оҕо бэйэбин оруойдаатыҥ,

Эммэниттиҥ – Эймэн, т. Айманан битийэн хамсан, битий.

Оҕо бэйэбин оруойдаатыҥ – меня, ребенка, ты лишил невинности (одолел) алдьат, кыай (Пекарскай). 

Кыра бэйэбин кыйдыҥ,

Күүстээх бэйэбин күлкэттиҥ,

Хаҥыл бэйэбин хаҥхалаатыҥ

Кыйдыҥ – кыйдаа. Напропалую кричать; пугать (Пекарскай). 

Күлкэттиҥ – күлгэдий, т. (эргэрбит).

Күүһүҥ өһүллэн, мөлтөө-ахсаа

 (саха тылын быһ. кылгас тылдьыта)

Күүстээх бэйэм күлкэдийдим

сильный я ослабел, мне сильному

стало не в моготу (Пекарскай).

Хаҥыл – даҕ. Эрчимнээх , омуннаах-төлөннөөх, дохсун

Хаҥхалаатыҥ – Хаҥха, т. (эргэрбит). Таһаҕаһы ыҥыырдарга аналлаах мас ыҥыыр. Атын суолтатын булбатым.

Дьэ, дьахтар

хорон талыыта киирэн…

Хорон талыыта  — потуги (муки) при родах, приступ потужных болей у рожениц. Первый период называется айан талыы, второй – хорон талыы (Пекарскай).   

…Сыҥаланан сырдьар сыпсах…

 Сырдьар сыпсах – сымсах, (көспүт даҕ). Киһи санаатын тардыбат, киһи кэрэхсиэн курдук буолбатах.

Ыардьан ынчыктаан барда                    ыалдьан

…Онтон уунньа отунан

Орон оҥордулар…

уунньа  — унньуула (унньуй+уула) – күөл ото; слизистый корень трав, сараны и проч. (Пекарскай)

Дьахтары икки удьуҥаҕыттан

Көтөҕөн олорон…

Дьахтары икки удьуҥаҕыттан көтөҕөн олорон – (о бабке) поддерживая женщину (родильницу) за обе ягодицы.                                          Э.К. Пекарскай тылдьытыттан.

 Молоочук курдук

Оһоҕоһун түгэҕиттэн эмэрийэ олордо.

Молоочук курдук – живот ее (родильницы), напоминающий цепь (потому,

что цепь состоит из держала, или кадушки, и била, или валька?) (Пекарскай)

Кылыкынай уус кырбыытаан оҥорбут

Кыптыйынан киинин быһан баран…

Кырбыытаа – кыр (тюрк) скоблить; делать что-нибудь очень старательно, изящно.  Кылыкынай уус кырбыытаан оҥорбут кыптыыйа – ножницы, очень изящно сделанные кузнецом Кылыкынай.

                                                      Э.К. Пекарскай тылдьытыттан

Чор баппат майгыннанан барда,

Кыдьыктаах быһыылаах кыыс буолла,

Чор кыаттарбат буолан барда…

Чор баппат, чор кыаттарбат — постепенно нрав ее (девки) ухудшился, постепенно стала неуживчивой, постепенно она становилась упрямой          (Пекарскай).

Күһүлгэннээх күндүнү көрдөрдүлэр,

Күрүөх билэ дьонноругар

Күһүлгэннээх күндүнү  — 

усиленное угощение

(по случаю рождения ребенка)

Күрүөх – аат (эргэр.) Элбэх дьон мустан көрүлүүрэ-оонньуура, элбэх дьонноох көр-нар буола турар сирэ (саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта).

 Күрүөх билэ дьон – добрые соседи; весь народ от мала до велика (Пекарскай).

Махтааттаах мааныны

Бар дьонноругар бачыамнаттылар.

Махтааттаах мааныны – махтаат (махтай + аат) – благодарность, махтааттаах – 1. благодарный 2. вспоминаемый с благодарностью, достойный благодарности  (Пекарскай)

Махтал, махтабыл диэн тыллар эмиэ бааллар, суолталара биир.

Олоҥхоттон быһа тардыыБилиҥҥи тылынан быһаарыы быһаарыы
Эмньик бэйэбин эммэниттиҥ, Оҕо бэйэбин оруойдаатыҥ, Кыра бэйэбин кыйдыҥ, Күүстээх бэйэбин күлкэттиҥ, Хаҥыл бэйэбин хаҥхалаатыҥ Оҕо, бүтүн бэйэбин алдьаттыҥ, Күүспүн-сэниэбин өһүллүҥ
Ыардьан ынчыктаан барда …Онтон уунньа отунан Орон оҥордулар…Ыалдьан ынчыктаан барда …Онтон күөл отунан Орон оҥордулар…
Дьахтары икки удьуҥаҕыттан Көтөҕөн олорон… Молоочук курдук Оһоҕоһун түгэҕиттэн эмэрийэ олордо. Дьэ, дьахтар хорон талыыта киирэн…Дьахтары икки өттүгүттэн Көтөҕөн олорон… Молоруйбут, төгүрүк иһин түгэҕиттэн имэрийэ олордо. Дьэ, дьахтар иккис талыыта киирэн…
Олоҥхоттон быһа тардыыбыһаарыы
 Кылыкынай уус кырбыытаан оҥорбут Кыптыйынан киинин быһан баран…     Кылыкынай уус кыһаллан оҥорбут Кыптыыйынан киинин быһан баран…
 … Күһүлгэннээх күндүнү көрдөрдүлэр, Күрүөх билэ дьонноругар, Махтааттаах мааныны Бар дьонноругар бачыамнаттылар. Кыра оҕотуттан кырдьаҕаһыгар дылы Күүскэ аһаттылар, Махталлаах маанынан Бар дьоннорун күндүлээтилэр
… Дьэ, бу уон үһүгэр тиийэн баран Баардаах быһыылаах буолла, Чор баппат майгыннанан барда, Кыдьыктаах быһыылаах кыыс буолла, Чор кыаттарбат буолан барда……Бу кыыс уон үһүгэр тиийэн баран Баардаах быһыылаах буолла, Сыыйа-баайа майгыта уларыйан барда, Кыдьыктаах быһыылаах кыыс буолла, Киһини кытта тапсыбат, өһөс, кыаттарбат буолан барда…

Олоҥхо – улуу айымньы. Саха норуотун олорбут олоҕо, охсуспут охсуһуута, кини өйө-санаата, тыла-өһө – сырдыкка тардыспыт санааларын баҕата, үчүгэйгэ баҕарбыт үрдүк идеялара – бука барыта олоҥхоҕо түмүллэр.