/ Манчаары оонньууларын көрсө
Омук быһыытынан успуорт көрүҥнэрин көрдөрөр Манчаары Баһылай аатынан төрүт күрэхтэһиибит 1968 сылтан тэриллэр. Эһиил, оонньуулар, XXII төгүлүн үгэс, култуура, духуобунас киининэн аатырар, Олоҥхо үөскээбит түөлбэтинэн биллэр ытык Тааттаҕа ыытыллыаҕа.
Улууспутугар оонньууларга аналлаах тэрээһиннэр, мунньахтар тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Улуустааҕы Норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыттан Гаврил Вырдылинтан үлэ хаамыытын билистим.
— Гаврил Гаврильевич, успуорду кытта култуура тэрээһиннэрэ сэргэстэһэ ыытыллаллар. Бу оонньууларга бастакы хардыынан туох үлэ ыытылынна?
— Хас биирдии успуорт тэрээһинин аһыллыыта, сабыллыыта, хаамыыта култуура үлэһиттэрин тэрийиилэринэн ыытыллар. Манна сөптөөх кэмииссийэ тэриллэр. Сыл устата туох үлэ ыытыллара чопчуланар. Биир сүрүн уонна бастакы бырайыакпытынан “Манчаары оонньууларын” ымыыларын оҥорууга, талыыга күрэһи биллэриибит буолар. Күрэскэ барыта 16 киһи кыттыбыта. Ааспыт сыл бүтүүтэ улууспут баһылыга Айаал Бурцев кыттыылаах, баһылыгы бастакы солбуйааччы Руслан Захаров бэрэссэдээтэллээх, нэһилиэк баһылыга Егор Павлов, үөрэх салаатыттан Зинаида Охлопкова, успуорт салаатыттан Айтал Алексеев, “Роспотребнадзор” Тааттатааҕы салаатын салайааччыта Елена Тарасова, култуураттан Марианна Степанова кыттыылаах, анал ирдэбиллэргэ олоҕуран, Уһук Илиҥҥи Федеральнай университет 3-с курсун устудьуона Санаайа Доргуева ымыыларын талбыппыт. Онон Талах Бэргэн, Кэрэ Кытыл, Тоттооной оҕусчаан XXII “Манчаары оонньууларын” ымыылара буолан арыаллыахтара, кыайыыга сирдиэхтэрэ.
— Ымыы сүрүн ирдэбилэ?
— Ымыы успуорт түһүлгэтэ ыытыллыахтаах сирин-уотун көрдөрүөхтээх. Хас биирдии ымыы өҥүн дьүөрэлэһиитигэр, оһуоругар, таатталыы тыын, дойдубут дириҥ устуоруйата, номоххо олоҕурбут чахчылар көстүөхтээхтэр. Ымыылар дьону-сэргэни бэйэлэригэр тардар, киһи дууһатын аһар остуоруйатыҥы быһыылаахтар-таһаалаахтар.
— Ымыылар ханна оҥоһуллан кэллилэр?
— Оонньууларбыт аргыстарын “Офсет” рекламнай-издательскай киин оҥордо. Бу аныгылыы хайысхалаах тэрилтэ улахан хабааннаах үлэни ыытар. Саха сирин үрдүнэн биир үрдүк хаачыстыбалаах өҥөнү оҥоруу тэрилтэтэ буолар.
— Оттон кээмэйдэрэ төһөнүй?
— Маскоттар 3D хабаанынан оҥоһуллан, Тоттооной оҕусчаан 2 м 90 см үрдүктээх, оттон Кэрэ Кытыл уонна Бэргэн үрдүктэрэ – 2 м 50 см. Сотору кэминэн улуустааҕы Норуот айымньытын киинин исписэлиистэрин көмөтүнэн туруоруллуохтара.
— Ороскуоту ким уйунна?
— Бу улахан, Саха сирин олохтоохторо бүттүүнэ кэтэһэр оонньууларын ыытыы, элбэх үбү эрэйэр. Улууспут иһинэн “Манчаары оонньууларын” тэрийиигэ, ыытыыга аналлаах пуонда үлэлиир. Пуондабыт үбүттэн боротокуолланан бастакынан ымыыларга ороскуоттанна. Түгэнинэн туһанан, оонньууларбыт үрдүк таһымҥа ыытылларыгар, пуонда хаҥатыытын бука бары өйүөҕүҥ, тэрийиэҕин диэн биир дойдулаахтарбын ыҥырабын.
Сэһэргэстэ Вера КАНАЕВА.
Таатта.