Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо, Таатта улууһугар Таптал.Эрэл, Итэҕэл сылларыгар, ЮНЕСКО стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл ветерана, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут, алгысчыт Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар ананар улуустааҕы өйтөн суруйууга күрэх балаһыанньата
Тэрийээччилэр: Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ, Таатта улууһун үөрэх салаата
🌿🌿🌿🌿🌿
Ийэ Олоҥхоһут ЮНЕСКО стипендиата Петр Егорович олоҥхону өрө тутан, хас да олоҥхону бэйэтэ айан олоҥхолоон, сахатын норуотугар, атын омук билиитигэр-истиитигэр таһааран, аан дойду таһымыгар саха улуу айымньытын билиһиннэрбит улахан үтүөлээх. Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр уус-уран өттүнэн хомоҕой, имигэс тыллаах-өстөөх улахан дьоҥҥо аналлаах 2 олоҥхолооҕун таһынан, кыра саастаах оҕолорго анаан 3 олоҥхону суруйан хаалларбыта биллэр. Кырачааннары бэйэлэрин төрөөбүт тылларын билэргэ, өбүгэ үгэстэрин ытыктыырга үөрэтэрэ-такайара. Алгысчыт быһыытынан дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олох араас түгэннэригэр үтүөнү эрэ көрдөһөн, айыыларга, иччилэргэ сүгүгүйэн, махтанан алгыһын тиэрдэрэ. Бэйэтин олоҥхолоругар алгыһы элбэхтик туттара. «Олоҥхо дойдутунуу Кэрэ олоҕу баҕарабын…» олоҥхоһут, алгысчыт тылларыгар олоҕуран, улуустааҕы оҕолорго аналлаах өйтөн суруйууга күрэх биллэриллэр.
🔹алын кылаастарга (3-4 кылаастар),
🔹орто сүһүөх кылаастарга (5-8 кылаастар),
🔹улахан сүһүөх кылаастарга (9-11 кылаастар) анаан өйтөн суруйууга күрэх буолар.
Күрэх сыала-соруга: Төрөөбүт дойдуга уонна чугас дьонугар бэриниилээх, истиҥ сыһыаннаах буолууну өрө тутуу.
Ыытыллар күнэ: Олунньу ый 19-23 күннэригэр бастыҥ өйтөн суруйуулары учууталлар түмэн taatta_kultura@mail.ru электроннай почтаҕа “Өйтөн суруйуу конкурса” бэлиэтээн ыытаҕыт.
Кыттааччыларга ирдэбил:
🔸Хас биирдии өйтөн суруйуу ааттаах буолуохтаах.
🔹Кыттааччы аата, үөрэнэр тэрилтэтэ (оскуолата), кылааһа ыйыллар
🔸 Кыттааччы оҕо дьиэ-кэргэнигэр, төрөөбүт дойдуга, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа сүгүрүйэрин, таптыырын, махтанарын туһунан өйтөн суруйан кыттар.
Өйтөн суруйуу маннык ирдэбилинэн сыаналанар:
📝тиэмэни сөпкө, толору арыйыы;
📝суруйуу утума тутуһуллуохтаах;
📝бэйэ санаатын киллэриитэ;
📝ойуулуур –дьүһүннүүр ньымалары, өс хоһооннорун, алгыс олуктарын, бэргэн этиилэри табыгастаахтык туһаныыта сыаналанар.
Күрэх түмүгэ: Кыайыылаахтар сүһүөҕүнэн бастыҥнар быһаарыллаллар. Таатта улууһугар Олоҥхо күнүгэр, кулун тутар 2 күнүгэр кыайыылаахтар бэлиэтэнэллэр.
Билсэр нүөмэргит: 8-914-262-07-32