🐟🐟🐟🐟🐟
🇷🇺Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн сылыгар анаммыт
Таатта улууһугар ОЛОҤХО күнүн чэрчитинэн ыытыллар
«ЛОҺУОРА СОБО САНДАЛЫТА»
соботтон минньигэс ас эгэлгэтин астыырга улуустааҕы дьиэ-кэргэн быыстапка-күрэҕин балаһыанньата
☀️Буолар күнэ: Кулун тутар 2 күнэ, 2024с.
🏛️Буолар миэстэтэ: Таатта народнай театра.
🕦Буолар чааһа: 10:30ч.
Тэрийээччилэр: Таатта улууһун дьиэ-кэргэн уонна ыччат политикатын салаата, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ
Кыттыы ирдэбилэ:
🐟 Быыстапка күрэһигэр дьиэ-кэргэн кыттыыны ылар, сааһа хааччахтаммат;
🐟 Кыттааччылар собо балыктан араас ас көрүҥүн астаан аҕалаллар.
🐟Биирэ үгэс буолбут көрүҥ (традиционнай), атыттара бэйэ көрүүтүнэн (араас эбиликтээх буолуон сөп);
🐟Кыттааччылар сахалыы таҥастаах буолара ирдэнэр;
🐟 Кыттааччы сервировкатын остуол сабыытын, иҺитин илдьэ кэлэр.
Сыаналааһын
🥗 Астааһын ньыматын сөпкө туттуу;
🥗 Ас амтана;
🥗 Ас ахсаана;
🥗 Астыырга ас ураты ырысыаба, бэйэ саҥа (авторскай) астааһынын көрүү, сонун ньыма;
🥗 Аһы киэргэтии;
🥙Ас астаабыт ньыматын билиһиннэрии
📲
Билсэр телефоҥҥут: 8914- 276- 60- 85 Варвара Ильинична Будикина.