Перейти к содержанию

ДЬОХСОҔОҤҤО ОҔО ОҺУОХАЙЫН ТҮҺҮЛГЭТЭ

ДЬОХСОҔОҤҤО ОҔО ОҺУОХАЙЫН ТҮҺҮЛГЭТЭ☀️🌿 КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХТАРГА 2️⃣0️⃣0️⃣0️⃣0️⃣ солк УУ ХАРЧЫНАН БИРИИС
Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылларынан, оскуола оҕолоругар улуустааҕы☀️ ОҔО СААС КҮННЭЭХ ҮҤКҮҮТЭ☀️ оһуохай күрэһин балаһыанньата.
Ыытыллар сирэ: Таатта улууһа, Дьохсоҕон нэһилиэгэ, В.Х.Тарбахов аатынан КСК
Буолар сирэ: Муус устар 5 күнэ, 2024с
Тэрийээччилэр:
⚜️»Дьохсоҕон нэһилиэгэ» ТСТ,
⚜️Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтэ
⚜️Таатта улууһун үөрэҕин салаата
⚜️А. И.Софронов-Алампа аатынан норуот айымньытын дьиэтэ
⚜️Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Дьохсоҕон орто оскуолата.
Сыала-соруга:
🌿Саха төрүт оһуохай үҥкүүтүн улууска тэнитии, Таатталыы оһуохайа ураты хаамыытын, тылын-өһүн оҕолорго үөрэтии;
🌿Оһуохай — тыл, үҥкүү, ырыа нөҥүө-Үс улуу идэни түмпүт көстүү буоларын билиһиннэрии
🌿Оһуохай этэр оҕолор киэҥ түһүлгэҕэ тахсалларыгар көмө буолуу.
Тэрээһин торума
9️⃣.3️⃣0️⃣-1️⃣0️⃣.0️⃣0️⃣ Бэлиэтэнии
1️⃣0️⃣.3️⃣0️⃣ Алгыс сиэрэ-туома
Күөн-күрэс хаамыытын билиһиннэрии, сэрэбиэй.
1️⃣0️⃣.4️⃣5️⃣ Күөн-күрэс.
1️⃣7️⃣.0️⃣0️⃣ Түмүк наҕараадалааһын.
Ирдэбиллэрэ
✅5-8 кылаастан уолаттар, кыргыттар тус туһунан этэллэр;
✅ Таатталыы оһуохайы таһаарыы;
✅ Этээччи хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла;
✅ Этээччи куолаһа чуора-кэрэтэ, түһүлгэни тутара, сахалыы таҥаһа-саба, хамсаныыта;
✅ Оһуохай түһүмэхтэрин тутуһуу (туойан ыҥырыыта, хаамтарыыта, хоһуйуута, көтүтүүтэ, уоскутуута, махтаныыта);
✅ Оһуохай уһуна 1️⃣0️⃣ мүн ордуо суохтаах.
✅ Кыттыы иһин усунуос 3️⃣0️⃣0️⃣ солк
✅ Этээччи кынат дьонун бэйэтэ булан, түһүлгэ саҕаланар бириэмэтигэр бэлэм буолуохтаах.
✅ Этээччилэр бириэмэлэригэр этэн атын этээччини өйөөннөр кынат буолара учуоттанар.
✅ Этээччи таҥаһа-саба толору буолар.
Наҕараадалааһын
🧑🏻‍🦱Уолаттарга Кылаан Чыпчаал 2️⃣0️⃣.0️⃣0️⃣0️⃣тыһыынча;
👧🏻Кыргыттарга Кылаан Чыпчаал 2️⃣0️⃣.0️⃣0️⃣0️⃣тыһыынча.
1-2-3 миэстэлэр,
анал ааттар. «Бастыҥ кыначчыт» анал аат иҥэриллэр.
Кылаан Чыпчаал бирииһин туруорар СӨ оһуохайын үтүөлээх этээччитэ А.Н. Попов.
Сайаапкалары Муус устар 3️⃣ күнүгэр диэри хомуллар. Сиһилии билсэр нүөмэргит Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин фольклорга методиһа Егорова М.Г. (89142620732), Алампа аатынан норуот айымньытын директора Жараева И.С (89142657532), уус-уран салайааччы Константинова А.В (89142649352) э/п dnt-alampa@yandex.ru ыытаҕыт