Күндү Таатта олохтоохторо уонна ыалдьыттара! ⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️ Саха республикатын норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха республикатын культуратын, муниципальнай сулууспатын туйгуна, Томпо улууһун Байаҕантай уонна Таатта улууһун Октябрьскай нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын ырыа айааччыларын союһун чилиэнэ, Аркадий Алексеев тэрийбит бүтүн союзтааҕы күрэхтэр биэс төгүллээх кыайыылаахтара «Айан» ансаамбыл талааннаах ырыаһыта, ураты суоллаах-иистээх мелодист, биллиилээх баянист, ымыылаах ырыаһыт Тулааһынап Николай Николаевич төрөөбүтэ 70 сааһыгар аналлаах III республикатааҕы *«ЫЛЛАА, ТУОЙ БАЙААНЫМ» баянистар, аккордеонистар, гармонистар күөн күрэҕин Гала-концерыгар кулун тутар 19 күнүгэр киэһэ 19 чааска Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта народнай театырыгар ыҥырабыт! Киирии билиэт 300 солк. ⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
Кыттыыны ылаллар Саха сирин народнай артыыһа Григорий Петров (тенор), Саха сирин үтүөлээх артыыһа Егор Колодезников (бас), саха сирин бастыҥ музыкааннара.
Киирбит үп баян памятнигын фондатыгар киирэр.